ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тутуу

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы стройка

English construction

Ис хоһооно · 7
I

1 аат #

тут I диэнтэн хай. аата. Бобо тутуу. Эксээмэн тутуу. Аһы-үөлү тутуу

2 этии #

Этиилэр

Бардам тутуу Барылы кэскил Баай барыылаах көр бардам

  • Бардам тутуу, Барылы кэскил, Баай барыылаах Тойон эһэм, Истэ сэргэҕэлээ, Көрө бүдүүлээ!
    Саха фольк

Тутуу былдьас (баттас) көр былдьас

  • Көмүс көстүбүт сураҕын истэн өрүс баһыттан кыаммат-түгэммэт дьон көмүстээн байа охсоору, тутуу былдьаһан, ким болуотунан, ким тыынан, ким оҥочонон тоҕо анньан кэлбиттэр.
    ХС
  • Маннык бэйэлээх алаас бастар бараммат быйаҥын, ардахха-курааҥҥа ылларбакка, күөх сүмэтин үгэнигэр тутуу былдьаһыахха наада. ВМП УСС. [Вася] көтөн тахсан эрэр куртуйаҕы тутуу баттаһан икки уоһунан түптэлиир.
    ПП ОА

3 этии #

Нууччалыы Заряжающийся посредством затвора (ружьё)

Этиилэр

Булгу тутуу

булгу тутуллан иитиллэр (саа) Мин дружина начаалынньыга буоларым быһыытынан, икки уостаах булгу тутуу сааны ылбытым.

  • ГСС.

Өс тутар

кимиэхэ эмэ өстүйбүтүн өр илдьэ сылдьар.

соотв. таить злобу.

  • Ол аата былыр үйэҕэ ааспыты өс тута сырыттаҕа дии
II

4 аат #

тут II диэнтэн хай. аата. Кулуубу тутуу саҕаламмыта. Олорор дьиэ тутуута. Оройуон оробуочай бөһүөлэктэригэр, нэһилиэктэригэр киэҥ далааһыннаах капитальнай тутуу ыытыллар. ПДИ КК

5 аат #

Ким, туох эмэ күүһүнэн тутуллубут улахан, баараҕай оҥоһук (хол., дьиэ, тимир суол)

Нууччалыы Строение, постройка; сооружение, здание

  • БАМ – сүүрбэһис үйэ баараҕай тутуута. Куоракка кэнники сылларга саҥа тутуу элбээтэ.
  • Манна былыргы тутуулар бааллар: үс тар ампаара, хотон самнархайа, биир дьиэ, xahaa, титиик оруннара.
    И. Данилов
  • Хаар будулҕан тибиитин быыһынан аэродром дьиэлэрэ, тутуулара барыаран көстөллөр
    Н. Якутскай

6 аат #

Тугу эмэ оҥоруу, тэрийии, туругурдуу

Нууччалыы Создание, налаживание, строительство

  • Саҥа олоҕу тутуу. Сэрии кэннинээҕи эйэлээх тутуу сыллара.
  • Аал уоккутун оттон, Алаһа дьиэҕитин тэрийэн Дьоллоох олох тутуутугар, Кэскиллээх олох тэрииригэр -- бастыҥ салайааччынан буолуҥ! Нор. ырыаһ. Ср. тув. тудуг ʽстроительство; строение’
III

7 даҕааһын #

, кэпс. Түргэн туттуулаах, сылбырҕа

Нууччалыы Хваткий, проворный

  • Арамаан, тутуу муҥутаан, тайах диэки туһулаат иккитэ-үстэ ытан субуруппут
    ХС

«Т» буукуба