Перевод с якутского
туһулан
туохтуур
Нууччалыы быть направленным на достижение какой-л. цели, предназначаться для чего-л
1 туохтуур #
Туох эмэ соругу толорор чопчу хайысхалан, туохха эмэ анан
Нууччалыы Быть направленным на достижение какой-л. цели, предназначаться для чего-л
Өй-санаа, күүс-уох олоччу үөрэххэ туһуланна.
Н. ЛугиновСаха тылыгар сибээстээхтик үөрэтии ирдэбилин тутуһуу, төрөөбүт тылы билии ордук көдьүүстээх буолуутугар туһуланар. ФГГ СТМЛ. Холкуостаахтар дохуоттарын үрдэтиигэ туһуламмыт быһаччы дьаһаллар оҥоһуллаллара ирдэнэр Ленин с
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ тустан, анан (хол., киһи этэр тыла)
Нууччалыы Касаться кого-л., относиться или быть обращённым к кому-л. (напр., о словах, речи)
Дьоһуннаах критическэй ыстатыйалар, литература үлэһиттэригэр туһуланан, литература уопсай сайдыытыгар көмөлөһөр соруктаахтар. СГС ӨСҮДь. Тиэкискэ бэриллэр ыйытыылар уонна сорудахтар үөрэнээччилэргэ туһуланаллар. ХС Кини тыллара, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ эрэ буолбакка, бастатан туран Ханидуоҕа туһуланаллара. С. Курилов (тылб.)