ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тымныытык

сыһыат

Нууччалыы холодно

Ис хоһооно · 6

1 #

сыһ

2 #

Сылааһа суохтук

Нууччалыы Холодно. Кыһын тыына биллибитэ ыраатта, тымныытык тыыныталаан ылар этэ. А. Софронов

3 #

Чараастык, халтаҥнык (таҥын)

Нууччалыы Легко, не тепло (одеваться)

  • Айдаар ыалдьар, онон итиитик таҥнар. Мин ыалдьыбаппын, онон тымныытык таҥнабын
    Багдарыын Сүлбэ

4 #

Хаҕыстык, тыйыстык, эйэҕэһэ суохтук (хол., сыһыаннас)

Нууччалыы Жёстко, холодно, сухо (напр., относиться)

  • Дьиктиргиэх иһин, кинилэр олус тымныытык көрсүбүттэрэ.
    Н. Лугинов
  • Ганя санаата оонньуур, сороҕор киниэхэ тымныытык сыһыаннаһар буолбута.
    М. Попов
  • Аймахтарын ити курдук холустук, тымныытык сыһыаннаһан бэйэтиттэн тэйиппитэ
    У. Ойуур

5 #

Сөбүлээбэтэхтии, абааһы көрбүттүү; хаҕыстык, хатыылаахтык; туох да интэриэһэ суохтук, кыратык даҕаны кэрэхсээбэккэ

Нууччалыы Недружелюбно, холодно, неласково; равнодушно, без всякого интереса смотреть. [Маайыс] хойуу кыламанын быыһынан сүр тымныытык оруоллаабыт харахтаах, -- үрүҥ кубаҕай дьахтар буолбут эбит

  • Бөтөс [ыт] кэлэн эйэргээн, эккэлээн, оонньоон көрөөрү гыннаҕына [куоска] симириктээбит араҕас харахтарынан бастаан саҥата суох сэнээбиттии, тымныытык одуулуура, онтон муннун сүрдээх үлүгэрдик "пус" гына тыаһатара уонна -- [ыт] саамай уйан сирин – муннун хайа тардара.
    Далан
  • Катерина Павловна сирэйэ соҕотохто тыйыһыран, төбөтүн күөгэччи туттан, көнө түһээт, кэргэнин диэки тымныытык көрөн кэбистэ
    Н. Лугинов

6 #

Сөбүлээбэккэ, тириини таһынан (тугу эмэ иһит)

Нууччалыы Неприязненно (воспринять услышанное). –"Барарбын" да?! – Сэргэчээн соһуйан өрө көрө түстэ

  • "Барар" диэн тыл кини этин сааһынан тымныытык киирдэ.
    Болот Боотур
  • Бииктэр аҕатын тылларын тымныытык иһиттэ.
    Л. Попов
  • "Бу таас киһитэ манна эмиэ тоҕо кэллэ, табатын манаабакка", – диэн тыллаһыыны аһара тымныытык истэн аһарааччыгын
    Кыым

«Т» буукуба