ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыый

Нууччалыы выражает внезапное удивление или восхищение

1 #

саҥа алл., кэпс

  • "Тыый, аныаха дылы бүтэ илик бэйэкэлэрэ дуу?" – диэн мин соһуйа санаатым.
    Н. Заболоцкай
  • Тыый, аны бэрэссэдээтэлбит бэйэтинэн тиийэн кэллэ дуу?
    А. Фёдоров
  • "Тыый, англичаннар сүрдээх да дьоннор эбит, дьэ чахчы таҥара дьоллообут норуота буоллаҕа", – учуутал киһитигэр өссө ыкса сыҕарыйда
    П. Филиппов

2 #

Эмискэ соһуйууну, өмүрүүнү эбэтэр биһирээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает внезапное удивление или восхищение

3 #

Куттаныыны, дьулайыыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает испуг, ужас. [Кыыс:] "Тыый, куттаннахпын да, куойдахпын да!

  • Хомойдохпун нии!" – диэтэ, ийэтин күлүгэр сөрүөстэ түстэ. Ньургун Боотур. – Хайа, оҕонньоор, бу туох буоллуҥ? – Санаам оонньоон… Биһиги киһибит сураҕа куһаҕан үһү. – Тыый! – Сөдүөччүйэ олоро түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыый, эһэ итиннэ сыттаҕа дуу? Аны табалары аймыа!
    Н. Заболоцкай

«Т» буукуба