ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыылын

туохтуур

Нууччалыы вытягиваться во всю длину, во весь рост; потягиваться. [Айыы бухатыыра] ол түһэн иһэн тыыллыбытынан хара сымара тааска иттэнэ иэнинэн түстэ

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туох баар уһуҥҥунан уун, чиккэй

Нууччалыы Вытягиваться во всю длину, во весь рост; потягиваться. [Айыы бухатыыра] ол түһэн иһэн тыыллыбытынан хара сымара тааска иттэнэ иэнинэн түстэ

  • Ньургун Боотур. Чэ, оччоҕо мин хаһан Дьөгүөрдээн кэлиэр диэри уҥа ороҥҥутугар тыыллан сыттаҕым.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэл Казбек ырдьыгынаабат, хараҕын симэн, тыыллан сытар
    Н. Павлов
  • Оҕун, туох баар уһуҥҥунан умса баран түс. Θ Упасть, распластаться во всю длину. Кыаһай оҕонньор оһоҕу эргийэ баран иһэн, уот анньар мастан иҥнэн, оһох уҥа чанчыгар кэлэн тыылла түстэ уонна, сааппыт киһи быһыытынан, кэтэҕэриин оронугар кэлэн олордо.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
  • Барбытым курдук баран истим. Өссө уонча хаамыыны оҥороот, иккистээн умса тыылла түстүм. А. Куприн (тылб.)
  • Өлөн, чиккэйэн сыт. Θ Умереть, протянуть ноги. Кулуба элэмэс атыыра толооҥҥо тыыллан хаалбытын булбуттар.
    А. Софронов
  • [Эһэ] иҥиирин тартарбахтаан баран тыыллан хаалла.
    Т. Сметанин
  • Кууһума: "Күтүр өстөөх манна тыыллан да хаалбаккын, эйигин да кытары доҕордоһон саһыл саҕаламмыт, сукуна сонноммут, солко курдаммыт биллибэт", – дии саныы-саныы -- эттээх солуурчаҕы аҕала барда
    Н. Павлов

2 туохтуур #

Күүр, тыҥаа; быыппаһын

Нууччалыы Напрягаться, натуживаться. [Чаабый Натааһа] сирэйэ тыыллыаҕынан тыыллан баран, эргиллэн хос иһин эргиччи көрүтэлээтэ

  • "Ыыт, киэр буол!" – диэтэ Туллукчаана, туох баар күүһүнэн өрө тыыллан, Матаҥныырап илиитин төлө аста.
    В. Протодьяконов
  • Киһи күүскэ соҕус тыылыннаҕына – тыыллар диэн кэлиэ дуо, көннөрү холур соҕустук да хамсаатаҕына – [бу таҥас] тулуйбакка субу сиик-сииктэринэн көтүрүтэ баран хаалыах курдук этэ
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Биллэ-көстө улаат; сайын

Нууччалыы Заметно вырасти; развиться

  • Эпоха сайдыытын батыһа, Эн тыылла кэҥиигин, Дьокуускай!
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Оҕолор] Улааттылар-тыылыннылар… Уолан бэрдэ буоланнар Аат-суол кытта быһаарыллар Айаныгар аттаннылар
    С. Тарасов

4 этии #

Нууччалыы Поднатужившись, разорвать, порвать что-л. сковывающее, связывающее (напр., верёвку)

  • Быһа (быһыта, үлтү, хайа, хайыта, тоҕо) тыылын – хам тутар тугу эмэ (хол., кэлгиэни) туох баар күүскүнэн, быччыҥнаргын муҥутуурдук күүрдэн алдьат Чучунаа, кэлгиэлээх быатын быһа тыыллаары чиччигинии мөхсөр.
    Н. Абыйчанин
  • Хабараан тымныыга хам кэлгиллибит өрүс халыҥ мууһун хайыта тыыллан, көҥүлгэ көччүйэ көтөн эрэрин көрбөккүн дуо?
    П. Филиппов
  • Арай мин биллим сөрүүн тыаҕа Ороһулаан үүнэр оччугуй отоннор Хахтарын хайа тыыллыбыттарын.
    И. Алексеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. хак. таҕы ʽразжимать (напр., зубы); взламывать; выворачивать что-л. ʼ, таҕыл ʽразрушаться, разламыватьсяʼ

«Т» буукуба