ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбэн

туохтуур

Нууччалыы отряхиваться, стряхивать что-л

1 туохтуур #

тэбээ диэнтэн бэй., атын. туһ.

Этиилэр

Өйдөөн көөртүм

сур кырынаас эһэ хоҥоруутун үрдүгэр олорон, кэлин атаҕынан кулгааҕын тэбэннэ уонна түһэн сүүрэ турда.

  • Сахабыт сирэ уутуттан уһуктан Саптыбыт суорҕанын тэбэннэ.
    С. Васильев
  • Тиэргэн баҕанатын үүтүн күһүн уу түспүтүн, көтөҕө тэбэнэр кэмигэр хаһыллар.
    ПНИ ЭД

2 туохтуур #

Бэйэҕиттэн, кэтэ сылдьар таҥаскыттан тугу эмэ тэбээн ыраастаа; атаҕыҥ таҥаһын хаартан, киртэн тугунан эмэ (хол., маһынан) биитэр атаххын атаххар охсуолаан ыраастаа

Нууччалыы Отряхиваться, стряхивать что-л. (с себя); стряхивать с обуви снег, грязь, ударяя по ней чем-л. (напр., палкой) либо одной ногой о другую

  • Таһыттан Уйбаан саамай чугас, астынар атаһа Дьаакып киирэн, уҥа ороҥҥо бэргэһэтин, үтүлүгүн ууран баран, атаҕын тэбэнэ-тэбэнэ, уот иннигэр сис туттан турда.
    А. Софронов
  • [Уйбаан Дууһа] атын ындыытын түһэрэн, баайан сыгынньахтаан баран, ыраахтан кэлбит киһи быһыытынан, таҥаһын-сабын тэбэнэн-илбинэн арыы хахыйах күлүгэр мустан олорор дьоҥҥо кэллэ.
    Эрилик Эристиин
  • Макаар, ырбаахытыгар күөдэллэммит маһын сыыһын тэбэнэ-тэбэнэ, тахсаары ааны аста
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 туохтуур #

Харчыгын олоччу, биири да хаалларбакка бүтэр, бараа

Нууччалыы Истратить деньги подчистую, до последней копейки. [Маабыра:] Биһиги ханна тоҕо тэбэнэн хаалар сордоохторбутуй?

  • Биһиги хайдах ыал буолуох дьоммутуй?
    А. Софронов
  • Гостиницаҕа олорор иһин харчыбын кыайан төлөөбөт буолан, уулуссаҕа быраҕыллыбытым. Билбэт куораппар тоҕо тэбэнэн хаалбытым.
    Эрилик Эристиин
  • Харчылара эстибит, сиэптэрэ тэбэммит да кэмигэр, Марусь аҥаардас мокоруон тобоҕор ол-бу туманы кутан амтаннаан кыргыттарын остуол тула олордуталаан үөрдүтэлиирэ
    Чолбон

«Т» буукуба