Перевод с якутского
тэбэнэт
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы задор; озорство; шалость
1 аат тыл #
Омун-төлөн; дьээбэлэнии, мэниктээһин (үксүгэр эдэр буолан)
Нууччалыы Задор; озорство; шалость (обычно по юности лет)
Көр-нар, тэбэнэт ортотугар ити курдук эдэр саас кырдьыга, сир анныттан күөрэйэр күндү таас курдук, көстөн ааһар. Н. Босиков Үргүүк лыахтар тэбэнэттэрэ Үрэйбитэ мунаах санааларбын, Кинилэр миэхэ өйдөппүттэрэ Эргийбэт оҕочоос саастарбын. В. Потапова Тимир Бороҥ кылгас күөх оту тардыалаһа туран, чөрбөс гынна. Уонна тэбэнэтэ киирэн, өрө тэбэ-тэбэ, сүүрэн быыппаһынна В. Титов
2 аат тыл #
Бэрээдэги кэһиигэ тириэрдэр мэниктээһин
Нууччалыы Шалости, переходящие в хулиганство, проказа
Ити ааттыыр сирдэригэр олорон икки уол араас тэбэнэти дьүүллэһэллэрэ. Эрилик Эристиин Эбэм кулгаахпыттан ылла: "Бу төбөт, тэбэнэтин көр эрэ!" Н. Тобуруокап Кини били дэриэбинэ оҕолорун араас тэбэнэккэ уһуйар төбөт быһыылааҕа. Р. Тагор (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
Учуутал аҕатын үтүктэн тэбэнэт кыыс сис туттан баран, эппитэ: "Ээ… Эн, табаарыс Лаврентьев, эт эрэ, баһаалыста, биэһи биэс төгүл хас буоларый, ээ?" Н. Габышев Оҕолор -- "үлбүрүйүүлэрэ", арыт таптаабыт, арыт тэбэнэт-мэник ып-ыраас харахтара, "бу туокуй?" үөһэ "бу туокуй?" диэн биир ыйытыылара – барыта Дьулустаан чуҥкуйбут дууһатын ириэрэргэ, хараастыбыт санаатын дьэҥкэрдэргэ дылы гыналлар. Э. Соколов Истэбин тэбэнэт үрүччэ Тэһийбэт көрүдьүөс суугунун Чэчир-68
3 даҕааһын #
суолт. Дьээбэлээх, мэник
Нууччалыы Озорной, шаловливый