ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэҥкэ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы крупный, высокий (о прибрежных деревьях); с большими, высокими стройными деревьями

1 даҕааһын #

Өрүс, үрэх түбэлэригэр торолуйан үүнэр бөдөҥ, үрдүк (мас); улахан, үрдүк лиҥкинэс мастаах (тыа)

Нууччалыы Крупный, высокий (о прибрежных деревьях); с большими, высокими стройными деревьями (лес)

  • Тэҥкэ харыйатын курдук көнө киһи (өс ном.). Тэҥкэ тииттэр төбөлөрө элэҥнээн, сөмөлүөт субу кэтиллиэх курдук таҥнары сатыылаабыта.
    Суорун Омоллоон
  • [Дьөгүөркэ] Түбэ тэҥкэ тииттэрин Үрдүгүттэн дьулайда
    М. Ефимов

2 аат тыл #

суолт. Өрүс, үрэх кытыытынааҕы улахан, үрдүк лиҥкинэс мастаах тыа

Нууччалыы Прибрежный лес с крупными стройными деревьями

  • Ырыых-ыраах, өрүс тэҥкэтигэр, кэҕэ этэн чоргуйар.
    Н. Якутскай
  • Таастаах, муохтаах тэҥкэлэргэ, үрүйэлэргэ сиибиктэ диэн -- кыһынын хагдарыйбат от үүнэр.
    Далан
  • Тэҥкэ, ойуур иһинээҕи солооһун өтөх сирдэр отторун уонна бурдуктарын үүнүүтэ быйыл мөлтөх.
    Г. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. тэҥгкэ ‘террасовый лес’, тэнкэ ‘обрывистый берег; коренной берег’

«Т» буукуба