ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түргэн

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы быстрый

English fast, quick; quick, fast

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы быстрый

English fast, quick; quick, fast

  • түргэн поезд
    скорый поездa fast train
  • түргэнтэн-түргэн баар үһү
    кто всех быстрее?what is the swiftest of the swift?

2 даҕааһын #

Уһуннук буолбакка, кылгас кэм иһигэр буолар

Нууччалыы Совершающийся, осуществляющийся быстро (напр., о каком-л. процессе), скорый, стремительный. [Бүөтүр] Киһи барахсан сайдара түргэн даҕаны

  • Ириэнэх эт күөһэ буһара түргэн, онтон тоҥ күөс - уһун.
    Н. Якутскай
  • Сэмэнчик, үөһэ тыынан баран, сайыммыт аастаҕа тоҕо баҕас түргэнэй дии санаата
    Чолбон

3 даҕааһын #

Сыыдам сырыылаах, быһый (хол., ат)

Нууччалыы Резвый, горячий (напр., о лошади)

  • Сахам сирин таптыыбын, Кини хатан дьыбарын, Түргэн сэлиик аттарын, Түүҥҥү дьаамсык ырыатын.
    П. Тобуруокап
  • Уҥуохтарынан саамай улаханнара, атахтарынан түргэннэрэ Буурҕаһыт диэн баар.
    Эрилик Эристиин
  • Самыыта ласпайан сымнаҕаһа, айана түргэнэ үчүгэйин эриэхсит
    КНЗ ОТК
Өссө холобурдар (1)
  • Аракыата түргэнэ. Массыына чааска түргэнэ төһөнүй?

4 даҕааһын #

Дьулурҕа (хол., уу сүүрүгэ); ыксаллаах, тиэтэллээх (хол., саҥа, хамсаныы)

Нууччалыы Стремительный (напр., о потоке); быстрый (напр., о речи, движении)

  • Кини биэрэккэ киирэн туран, Бүлүү эбэ түргэн сүүрүгүн одуулуура.
    Суорун Омоллоон
  • Түтүгүрээбит түргэн саҥалаах, хатыылаах хадаар харахтаах, өрүкүйбүт баттахтаах киһи.
    И. Гоголев
  • Дьукаах Аана киниэхэ холуйдахха, туттара-хаптара түргэнэ бэрдэ
    М. Доҕордуурап

5 аат тыл #

суолт. Аһара түргэн туох эмэ

Нууччалыы Что-л. очень быстрое

6 этии #

Нууччалыы Моментально, вмиг (букв. с быстротой произношения)

Этиилэр

Кыл түргэнинэн көр кыл

  • Инчэҕэй таба тириитин кыл түргэнинэн сууланан, кэлгинэн кэбистилэр.
    Д. Апросимов
  • Массыына кыл түргэнинэн сиилэс угар сиргэ ыстаннаран киирэн, сүөкүү охсор. Үлэ үө. Этиэх түргэнинэн (түргэнэ) - олус түргэнник, сонно тута Уол ону истээт, этиэх түргэнинэн атыгар олоро биэрээт, быһа кымньыылаата

7 этии #

Нууччалыы Шустрый, скорый на ногу (о человеке)

  • Түргэн атах кэпс. - сылдьарын ыарырҕаабат, сыыдам (киһи) Түргэн атах эн баран кэл. Түргэн илии кэпс. - түргэн, олус сымса туттуулаах. Θ Проворный, ловкий на руку. Төлөпүөн тыаһаабытыгар орто кыыспыт Сардаана, түргэн илии, туруупканы ылан миэхэ ууммута. СДТ
    А. Ср
  • ДТС теркин ʽбыстро’, алт. түрген, тув., монг., эвенк. түргэн ʽбыстрый’

«Т» буукуба