ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түөкэй

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы хитрость, лукавство, обман; хитрец, плут

1 аат тыл #

Албын-көлдьүн быһыы, албас; киһи санаатын сүүйэри сатыыр, онон туһанар идэлээх киһи

Нууччалыы Хитрость, лукавство, обман; хитрец, плут

  • Байар иннигэр Уолака тугу да оҥорортон туттунан турбат, албынынан, түөкэйинэн туһанар.
    Суорун Омоллоон
  • Туох даҕаны түөкэй, ымсыырдыы-эрэннэрии, маннык үчүгэй буолуо диэн сымыйанан көөчүктээһин наадата суох.
    Далан
  • [Охоноос:] Үлэҕэр кыра да түөкэйи таһаарбыт буоллаххына, бэйэҕин суукка биэриэхпит
    Л. Попов

2 даҕааһын #

суолт. Кубулҕаттаах, угаайылаах өйдөөх, албын-көлдьүн

Нууччалыы Умеющий притворничать, мошенничать, плутоватый

  • Бу Сиэнчэкээн оҕонньор күтүр, албын-түөкэй быһыытын дьон бары билэр.
    Н. Габышев
  • Оттон түөкэй киһи Кириил Васильевиһы биирдэ эрэ олордуо, албынныа.
    Н. Габышев
  • История сабыытыйаларыгар үтүөкэннээх уонна албын-түөкэй да дьоннор бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларааччылар. ДИ
    М. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • койб. төй, дөй ʽмошенник’

«Т» буукуба