Перевод с якутского
түөһэй
туохтуур
Нууччалыы выжить из ума, приходить в старческое слабоумие, впадать в детство; дряхлеть
English to become senile, to fall into decrepitude
1 туохтуур #
Кырдьар сааскар кыра оҕоҕор түһэн хаал, тугу да гынаргын быһааран өйдөөбөт буол; кырдьан олус буорай (кыылы-сүөһүнү этэргэ)
Нууччалыы Выжить из ума, приходить в старческое слабоумие, впадать в детство; дряхлеть (о животном, зверях)
Түлэһийэ түөһэйбит, Кыйыһыйа кырдьыбыт. Күннүк Уурастыырап "Кырдьыбыппын, түөһэйбиппин, бүппүппүн …" – Огдоо үөһэ тыынна. С. Дадаскинов Суолдьут [ыт аата] түөһэйбит, балаакка эрэ иччитэ буолаахтаабыт. Я. Семёнов
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. моорук: моорук буол
2 туохтуур #
Тугу эмэ улаханнык алҕаһаа, сыыһа оҥор
Нууччалыы Совершить большую ошибку по недомыслию, сглупить. [Күлүк:] Кэбиһиҥ, түөһэйимэҥ, туох буоллаххытый?
Сеня, эн түөһэйдиҥ дуо?
Н. ЛугиновСр. эвенк. тоха-мии ʽсойти с ума’