Перевод с якутского
төрөт
туохтуур
Нууччалыы произвести на свет, родить кого-л.
1 туохтуур #
Оҕоҕор күн сирин көрдөр, оҕолон (дьахтар, тыһы кыыллар тустарынан)
Нууччалыы Произвести на свет, родить кого-л. (о женщине, самках животных)
Ыт тиэтэйэн-тиэтэйэн икки хараҕа суох оҕону төрөтөр (өс хоһ.). Ити Боккуойа барахсаны көр эрэ – уон икки оҕону төрөттө.
П. ОйуунускайКыыстара Манчаарыттан хат хаалан баран, кыыс оҕону төрөппүт МНН
2 туохтуур #
Тугу эмэ (туох эмэ санааны, иэйиини, көстүүнү) үөскэт, үөдүт, баар оҥор
Нууччалыы Давать начало возникновению, зарождению чего-л., создавать что-л. (о мысле, чувстве, явлении)
Таптал төрөтөр бары ырааһы, Таптал төрөтөр бары улууну. И. Гоголев Куһаҕан куһаҕаны төрөтөр.
Н. Лугинов"Кыһыл Ойуун" ситэ өйдөммөккө, элбэх мөккүөрү, сыыһа-халты санаалары, сыаналары төрөппүтэ Н. Заболоцкай
3 этии #
Этиилэр
Ала кулуну төрөппүт көр ала I
Ала кулуну төрөтөр, Амыр айан онно буолуо. Күннүк Уурастыырап [Байбал – Митяҕа:] Бу түүн ала кулуну төрөтөн хонорбут буолуо диэ көхсүм сэрэйэр дии. ХС
Өссө холобурдар (1)
Төрүүр (төрөтөр) оҕону төлкөлөө (уйалаа) көр оҕо