ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төттөрү

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы противоположный, другой; противный, дурной. [Клим] төттөрү сигилилээх, куруубай хааннаах

English back

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Кимиэхэ, туохха эмэ утары; олох атын

Нууччалыы Противоположный, другой; противный, дурной. [Клим] төттөрү сигилилээх, куруубай хааннаах

  • Иккис кэллиэгэм, Егор Петрович, Валентин Николаевичка олох төттөрү хайысхалаах киһи буолан биэрдэ.
    Н. Лугинов
  • [Үрүҥ Уйантай-Куо – убайыгар:] Мин түһүүр түүлүм төттөрү, биттэнэр битим кэдэрги
    Эрилик Эристиин
  • Кэннигэр тыа баһа сатарыйан ыраах тыраахтар тыаһа торулаабытыгар Серёжа төттөрү хаампыта.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Ааныс кэлэйбиттии, төттөрү хайыһан кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Тордоохоп -- уҥуоргу хадьымалга тиийэн, төттөрү эргиллэн хотуурун өрө тутан туран, биитин бурууһунан соппохтоото
    С. Никифоров

2 сыһыат #

Хайыһан турар туһаайыыҥ хоту буолбакка, онно утары

Нууччалыы В обратном направлении, назад, обратно, в другую сторону

3 сыһыат #

Урукку миэстэтигэр, хат (хол., тугу эмэ уур)

Нууччалыы На прежнее место, обратно (напр., положить что-л.)

  • Этэрбэһин устан хаарын тэбээтэ, угунньалыы-уктастыы охсон, төттөрү кэтэрдэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кузьма Петрович харчытын сиэбигэр төттөрү уктан кэбиһэр.
    Н. Якутскай
  • Кулун тутар ый бүтүүтэ Петя Будищев билиэтин миэхэ төттөрү биэрбитэ
    Чолбон

4 даҕааһын #

Туохха эмэ утары буолар гына, олох атыннык

Нууччалыы Противоположно чему-л., совершенно иначе, наоборот

  • Үлэлээбэтэх киһи үлэлээри гыммыта кэм төттөрү ээ.
    Н. Заболоцкай
  • [Харытыан оҕонньор] сааһын тухары үлэҕэ үөрэммит этэ-сиинэ ол көннөрү олороруттан улугуран, төттөрү ыалдьыах курдук буолбута.
    П. Аввакумов
  • [Петя] атаҕа, илиитэ дьаакыр курдук таҥнары тардыһар бэйэлэрэ, билигин төттөрү, уу үрдүн былдьаһаллар
    И. Данилов

5 этии #

Төттөрү өҕүт кэпс. – ким эмэ тугу эмэ урут ылбытын, былдьаабытын төнүннэрэригэр күһэй Хаһан эрэ, баҕар, төттөрү өҕүтэр дьон көстүөхтэрэ. А. Фёдоров.

Нууччалыы Заставлять кого-л. отдавать, возвращать долги, возмещать что-л., платить по старым счетам

Этиилэр

Төттөрү сүргүөхтэммит көр сүргүөх

  • Дьадаҥы киһи -- ырата-баҕата туолар күнэ үүммүтүгэр, дьэ кэлэн төттөрү сүргүөхтэнэн, оҕотун кистиир-саһыарар аакка барбыта хайдах өйдөнүөн сөбүй?
    ФЕВ УТУ

«Т» буукуба