ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

укулаат

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы калёное железо, сталь, булат

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Эллэммит, хатарыллыбыт тимир бастыҥа, ыстаал бастыҥ суорда

Нууччалыы Калёное железо, сталь, булат

  • Дугуй илбис дуксуйан Дуктуруйбутунан кэлэр Отут болуо укулаатынан Омноон-домноон оҥоһуллубут [быһыйа].
    П. Ойуунускай
  • Мастан чиргэлин-киилин биһирээбит, Тимиртэн хатан укулаатын хайҕаабыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оччо хатан укулааттан оҥоһуллубут саабын, Байбал маска булгу охсон, мэлиппитим
    К. Туйаарыскай

2 даҕааһын #

суолт. Эллэммит, хатарыллыбыт тимиртэн, ыстаалтан оҥоһуллубут, уһаарыллыбыт

Нууччалыы Закалённый, расплавленный из железа, стали, стальной

  • Сахам сытыы быһыччата, Сахам укулаат быһаҕа.
    С. Данилов
  • Улуу бухатыыр Уҥа илиитинэн Умсары тайахтаммыт этэ Укулаат батыйаны.
    С. Тарасов
  • Хоһоон диэн масчыкка – сүгэтэ, Отчукка – укулаат хотуура, Көрбөккө – кыраҕы хараҕа, Көппөккө – мохсоҕол кыната!
    П. Тобуруокап

3 этии #

Укулаат таас уостаах фольк. – олоҥхоҕо саха кыыһын эбэтэр бухатыырын дьүһүнүн (уоһун) ойуулуурга туттуллар уларыйбат эпиитэт ПЭК ОНЛЯ I.

Нууччалыы Один из постоянных эпитетов олонхо, описывающий красоту девушки или богатыря (букв. с губами подобно полированному, шлифованному камню). [Куллуруускай бухатыыр] укулаат таас уостаах, уон кириэстээх манньыаты кэккэлэччи туппут курдук сандаҥа маҥан тиистээх [эбит]

Этиилэр

Көрдөҕүнэ

дьиэтин хаҥас өттүгэр хандьытаал таас харахтаах, укулаат таас уостаах, сырдык таас сирэйдээх -- түктэри бэйэлээх үчүгэй кыыс оҕо буолан олорор.

  • Укулаат таас курдук уостаах, Чочу таас курдук муруннаах.
    Д. Говоров

Укулаат тимир

үс илии халыҥнаах, соччо кэтиттээх буруус тимир.

Брусчатое железо толщиною и шириною в три пальца.

  • Хаҥалас хайатын Халыҥ таһаатыттан Укулаат тимири Уһааран ылбытым.
    С. Васильев
  • Ол төлөн кутаалыыр суоһугар Укулаат тимирдэр ууллаллар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
  • Мантыҥ [хотуур] ураты укулаат тимиртэн охсуллубут эбээт, ханнык да тааһынан сотон бааһырдыаҥ суоҕа.
    С. Сарыг-оол
  • Русск. уклад ‘сталь, которой укладывают или наваривают лёза столярных и других орудий’
II

4 аат тыл #

Туох эмэ (хол., олох) тутула, туруга, майгыта

Нууччалыы Состояние чего-л., образ, уклад жизни

  • Онон икки аҥаар тыһыынча сыл устатыгар түүрдүү тыллаах омуктар олохторун укулаата олоччу уларыйбатаҕа.
    Б. Павлов
  • Төһө да ороскуоттаах буоллар, уруккулуу укулааттаах оскуолаларын тутан олороллор. Венера. Алаас сир оҕото олорор укулаата туспа, тайҕа оҕото сыһыы оҕотуттан туттардыын-хаптардыын атын.
    АИ

«У» буукуба