Перевод с якутского
улай
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы изобилие еды, пищи, добытое в охоте
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Бултаныллыбыт дэлэй ас-үөл, уйгу
Нууччалыы Изобилие еды, пищи, добытое в охоте
Уол оҕо улайа ДСЯЯ Дэлэй аһылыктаах күүлэй, малааһын. Θ Гулянка с обильным угощением, пир. Чулуу улайын уолбат ойбоно, Дьоллоох улайын маанылаах манчыыга.
П. ОйуунускайДьоно ол бэйэлээх улайтан ордорон оҕону көрө сылдьыахтара дуо?! Р. Кулаковскай
2 аат тыл #
түөлбэ., харыс т. Сиэмэх кыыл эбэтэр көтөр булда, аһылыга
Нууччалыы Пища, добытая хищным зверем или птицей, добыча
Суор-тураах улайа кынан. СЯЯ. Суор-тураах айаҕар суунар улайа буолаарыгын оҥостубут бэйэҕиний?!
П. Ойуунускай[Эһэ арҕахтан тахсыбыт кэмигэр] ыырыгар түбэспит хамсыыр харамай, баҕар, ынах, сылгы да буоллун, кини улайа буолаллар А. Пахомов Орто туруу дойду Улай ньууругар Уллуҥаххынан дугуммакка – Алта атахтаах Араҥас үрдүттэн Айах атан кэпсэттиҥ! П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (3)
Олоҕура тиийэн кэлэр Орто туруу дойду киэнин Ойбонноох оройугар, Улай киэлитигэр Одун Биис оҕонньортон Укааһынан оҥоһуунан олохсуйбут. Күннүк Уурастыырап Бу дойду улай киинигэр, Улуу ньууругар Доргуйа баай тойон, Ньиргийэ баай хотун диэн Оҕонньордоох эмээхсин Унаар буруону субуйан, Олорбуттар эбит. С. Васильев [Түүн] Улуу халлаан Улай дьулайыгар Ууллан баран сойбут сулустары Умсары уурда Н. Босиков
3 даҕааһын #
суолт., фольк. Саамай чулуу, бастыҥ, тутаах
Нууччалыы Благодатный, наилучший, главный
4 этии #
Нууччалыы Пора физического возмужания при еще духовной незрелости человека
Этиилэр
Улай саас
киһи эт-сиин өттүнэн сайдыбыт, ол эрээри өйө-санаата ситэ илик кэмэ Мин улай сааспыттан иһим дэдэйиэҕинэн иһэн кэлбит үүтүм өлбөт мэҥэ ити бэйэтэ эбитин өрүкүйэ иһиттим.
Уолҕамдьы, улай саас уурайда дэтэн, Ураты соргуну, кэскили билэн, Киирбитим хомуньуус баартыйатыгар, Кини кэккэтин ньыгыл халҕаһатыгар. П. Тобуруокап
Улай хаан
кыа хаан диэн курдук (көр кыа).
Улай хаанынан устар Охсуһуу улахана Хас да күн устата Хабырынна бу манна! И. Эртюков Төһө эмэ сыра, эрэй бөҕөнөн улай кыһыл хааны да тоҕон, кэйээр биир илиигэ киирдэ. Н. Лугинов