Перевод с якутского
умньан
туохтуур
Нууччалыы испачкаться, измазаться чем-л
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Туохха эмэ биһилин, марайдан
Нууччалыы Испачкаться, измазаться чем-л
Хараанай ыаҕайаттан мас кытыйаҕа үүтү кутан чорулатта, ыаҕайа иэдэһигэр умньаммыт үүт салааһынын сөмүйэтинэн ньиккирийэн ылан, салаан кэбистэ. И. Гоголев Кулунчук сымнаҕас уоһугар Умньанар алтан от уоһаҕа. В. Миронов Ат туйахтарыгар силбиккэ үүммүт сибэкки сиик таммахтара умньаннылар В. Титов
2 туохтуур #
Туохха эмэ элбэхтик үөрэнэн, сыстан ыкса дьарыктанан бар, дьарык оҥоһун
Нууччалыы Быть привязанным к какому-л. занятию, плотно заняться чем-л
Айдаар, дьиҥэ -- булка соччо умньамматах киһи этэ. Софр. Данилов. "Онон уончалаахпыттан тиэхиньикэҕэ умньанан барбытым," – үөрэ-көтө кэпсиир Виктор Серафимович. ХС Оттон Тордуох [киһи аата] уола Килимиэн эдэр сааһыгар хаартыга умньаммыт эрэйдээх, Сэбиэт Эристиин кылыытын үктүүрэ чахчы П. Аввакумов
3 туохтуур #
сөбүлээб. Куһаҕан быһыыга, дьаллыкка сөрөн, эрилин
Нууччалыы Впутываться, ввязываться во что-л
Мээнэ сылдьаргын тохтот. Онно-манна умньанар киһи буоллуҥ! В. Титов "Бу курдук куһаҕаҥҥа, сидьиҥҥэ умньана сылдьыах кэриэтэ ыраас сылдьан өлбүт ордук", - диэн быһаарынар Маайа. Н. Якутскай Бу аска [испииргэ] букатын умньаныма. Үчүгэйи аҕалбытын көрө иликпин Р. Баҕатаайыскай
4 туохтуур #
Туох эмэ кимиэхэ эмэ баар буол, сыһын (үксүгэр буолб. ф-маҕа тут-лар)
Нууччалыы Быть в наличии, иметься, присутствовать (напр., ум, талант, употр. в отрицат. ф.)
Бытыгын быһа үктүөр диэри өй умньамматах күтүрэ дуу? Софр. Данилов. [Мотя - Точиловскайга:] Киниэхэ ханнык да талаан умньамматах киһитэ этэ. Н. Якутскай Улахан күрэхтэһиилэргэ буспут-хаппыт, оройуон чөмпүйүөннэрин иннилэригэр, спорт диэҥҥэ умньамматах, Уу Тойоно Дьуона иһэр ХС
5 этии #
Этиилэр
Окко-маска умньаммат мэник көр от-мас
Дмитрий Петрович аптарытыата улахана бэрт буолан бэл окко-маска умньаммат мэник оҕолор бэрээдэктэнэллэрэ. Е. Неймохов