ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уолҕамчы

даҕааһын

Нууччалыы несдержанный, вспыльчивый, горячий

1 даҕааһын #

даҕ

  • Эдэр уолҕамчы уолаттар харахтара уоттанаат ойон турдулар, үҥүүлэрин, ох сааларын бэлэмнээтилэр.
    И. Гоголев
  • Ергин дэҥи тулуйбат, уолҕамчы уонна сүрдээх түрдэстигэс киһитин өйдүүбүн.
    П. Филиппов
  • Оҕо сүрэх уолҕамчы, Омун, уох үлүгэр
    Баал Хабырыыс

2 даҕааһын #

Сөбүлээбэтэҕин тута биллэрэр, дохсуннук, баламаттык быһыыланар, ыгым, быһымах

Нууччалыы Несдержанный, вспыльчивый, горячий

3 даҕааһын #

Уһуну-киэҮҥи толкуйдаабакка, санаабычча, ылбычча оҥоһуллар (хол., быһаарыныы туһунан)

Нууччалыы Необдуманный, слишком поспешный, опрометчивый (напр., о решении). [Дроздев – Сергейгэ:] Мин эйигин итинник уолҕамчы түмүктэри оҥортуура буолуо диэбэт этим

  • [Сибиэтэ:] Захар, эн үчүгэйдик толкуйдаан көөртүҥ дуо? Баҕар, уолҕамчы санаа буолаарай?
    С. Ефремов
  • Бардасов, бука, саҥата бэрт буолан, Байбал ааспыт олоҕун-дьаһаҕын, кини ис дууһатын билбэтиттэн итинник уолҕамчы быһаарыыны ылыннаҕа буолуо ээ… “
    ХС

«У» буукуба