ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уоттаах

даҕааһын

Нууччалыы имеющий огонь, с огнём

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ыстапаан борук-сорук ортотугар умуллан эрэр уоттаах оһоҕун чанчыгар олорбохтоон баран, туран сытта.
    А. Софронов
  • Уоттаах чоҕу сирилэччи тардан Оһоҕун эбии оттон тигинэттэ.
    С. Васильев
  • Уоттаах гаас уһуурар Улуу турбата тардыллан, Оҥоһулла охсубутун Сотору буолаат көрдүбүт
    И. Петров

2 даҕааһын #

Умайа сылдьар

Нууччалыы Имеющий огонь, с огнём

3 даҕааһын #

Сырдык, сырдатыллыбыт

Нууччалыы Имеющий свет, со светом, освещённый

  • Биһиги тоҥон тиийэммит, уоттаах хоско аастыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Им барыара быһыытыйда, дэриэбинэ ол-бу өттүлэригэр уоттаах түннүктэр чоҕулустулар. Софр. Данилов. Ыалбыт сибилигин аҕай уоттаах этилэр, ыраахтан көрө испиппит
    Н. Габышев

4 даҕааһын #

Олус омуннаах, төлөннөөх

Нууччалыы Исполненный пылкости, огня, пламенный

  • Манна бастаан сатарбыта Омуоһап уоттаах саҥата, Бастаан манна ылламмыта Ойуунускай гимн ырыата.
    С. Данилов
  • Саҥа дьыл эйиэхэ уонна киниэхэ саҥа эрэли үөскэтэр, эһиги умуллубат уоттаах тапталгытын күөдьүтэр.
    Т. Сметанин
  • [Семёнов:] Эйигин эрэ уоттаах сүрэхпинэн таптыыбын!
    С. Ефремов

5 этии #

Нууччалыы Смотреть горящими глазами, пронизывающим взглядом

Этиилэр

Уоттааҕынан көр

олус сытыытык, курдаттыы курдук көр Миитэрэй Луха диэки уоттааҕынан көрөн аһарда.

  • Амма Аччыгыйа.

Уот (уоттаах) тыл көр уот II

  • Саатар туох эмэ сытыы уоттаах тылынан утары хардарбыта буоллар.
    Болот Боотур
  • Бу курдук Куоста Сокуонньукап уоттаах тыла, былыр баайдар дьадаҥы киһи көхсүгэр сүүрбэ биэс оруосканы бэрдэрэр оруоскаларынааҕар ордук сытыытык баайдары сирэйгэ сырбатта. Бэс Дьарааһын.

Уоттаах уу (утах)

арыгы.

Горячительные напитки.

  • [Луодур] Көҥүл-күүлэй сылдьыахтаах, Уочаракка турбакка Уоттаах утах ылыахтаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үксүгэр эдэр дьоннор уоттаах утахха убанан тэлиэс-былаас дайбыы, сылтах була сатыы сылдьалларын көрсүөххэ сөп. “Кыым”. Ламуттар хааһахтарыттан түүлээх хостоноро, оттон анарааҥҥылара, чачайа-чачайа, уоттаах ууну ыймахтыыллара.
    А. Кривошапкин

Уоттаах харах көр харах

  • [Миша] тоҥсоҕор муруннаах уонна уоттаах харахтаах.
    Н. Габышев
  • Эрбантей элэктээбит курдук сытыы уоттаах харахтарынан бардам тойоттор диэки көрүтэлээн кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Онуоха уоттаах улахан хара харахтара эбии дириҥээн, тугу эрэ толкуйдуур дуу, санааргыыр дуу курдук этилэр.
    Н. Заболоцкай

Уоттаах харахтаах (харах) утары көрбөтүн, көр харах

  • Татаар тыллаах таба эппэтин, Уоттаах харахтаах утары көрбөтүн диэн оҥорбуппут. Ньургун Боотур. Уоттаах харах утары көрбөтүн, үс баара күлүктээхтэр кырыы харахтарынан кынчарыйбатыннар! Суорун Омоллоон

6 этии #

Нууччалыы Кровавая, с большими потерями война

Этиилэр

Уоттаах куйаас

уот куйаас диэн курдук (көр уот II).

  • Уоттаах куйаас сыралыттан От-мас хамсыы үүнээччи.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бүгүн эмиэ сытайбыт курдук хара сарсыардааҥҥыттан уоттаах куйаас таҥнары сатыылаан түстэ.
    Г. Колесов

Уоттаах сэрии

элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх сэрии Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии буоларыгар Кыһыл Знамя аннынан кыайыыны ситиспиттэрэ. Н. Якутскай. Мундербектар ыраахтааҕы уоттаах сэриитигэр сылдьаннар маннык уокка, маннык алдьархайга хаста да түбэһэн буспут-хаппыт дьон. Эрилик Эристиин. Уоттаах хомурдуос биол. – хомурдуос үөн биир көрүҥэ.

Разновидность жучковых, жук-светляк, светлячок.

  • Уоттаах хомурдуос олус дьикти.
    МНА ФГ

«У» буукуба