ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уртуут

аат тыл

Нууччалыы основной элемент в градуснике, указывающий на температуру воздуха

аат тыл

Кыраадыска баар үрүҥнүҥү-сиэрэй дьүһүннээх, өрө таҥнары дьалкылдьыйа сылдьар кылбачыгас убаҕас металл

Нууччалыы Основной элемент в градуснике, указывающий на температуру воздуха

  • Кыыдааннаах тымныы түһэн Кыраадыска уртуут тоҥуо, Сирэлгэннээх тыыҥҥынан Ититиэҕиҥ кыраайбын.
    М. Тимофеев-Терёшкин
  • Билигин, бу палаатаҕа Эйигин ыарыы хаайда. Оо, уртуут үрдээтэҕиэн Эн умайар хоойгор
    И. Чаҕылҕан
  • Оннук металл химическэй элэмиэн быһыытынан. Θ Ртуть как химический элемент: жидкий металл серебристо-белого цвета. Саха уола, сир баайын ылаары, Эн хаамтардыҥ экскаваторы – Алдан аргыардаах тайҕатыгар, Уртуут да тоҥор дойдутугар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Сааскы күн уота төгүрүк остуол ньууругар, тыыннаах уртуут курдук, дьирибинии оонньуу сытара
    Д. Васильев

«У» буукуба