ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эркээйи

аат тыл

Нууччалыы какой-л. знак, указывающий направление пути (напр., шест), веха

1 аат тыл #

Суол туһаайыытын, хайысхатын ыйар туох эмэ бэлиэ (хол., ураҕас)

Нууччалыы Какой-л. знак, указывающий направление пути (напр., шест), веха

  • Хаһыы сүнньэ ханан буолуохтааҕын бэлиэтээн, Куоҕастаахха тиийэ эркээйи охсубуттара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Балыксыттар үүтээнтэн сэлэҕэ диэри анньыллыбыт эркээйини тутуһан, кыдьымах быыһынан тиэтэйэн суксуруһаллар.
    И. Данилов
  • Айанньыт, булчут сиргэ бэлиэ оҥороору эркээйи охсор, тугу эмит көстүүлээх сиргэ ыйаан кэбиһэр
    Багдарыын Сүлбэ
Өссө холобурдар (3)
  • Маска кэрдиис бэлиэ, олук. Θ Зарубка, засечка на дереве. Тиит, талах лабаатын тосту тутан, сүгэнэн суоллаан тииккэ эркээйи да хаалларбыттарынан сирдэтэн, өрүс диэки дьулурустубут.
    Н. Габышев
  • Дьон сүгэнэн үүнэн турар тииккэ, тирэххэ эркээйи охсон ааспыттар.
    А. Сыромятникова
  • Уһун ураҕас төбөтүгэр туос кыбытан дьуолка аспыта, ойуурдарга эркээйи оҥорбута
    Д. Кривошапкин

2 аат тыл #

Туох эмэ буолуохтаах бэлиэтэ, туоһута

Нууччалыы Знак, признак, свидетельство чего-л

  • Кэлэр кэмнээҕи кэрэ-бэлиэ кэрдиискэ эркээйи охсулла оҕустаҕа үһү.
    С. Федотов
  • Кинилэр килбиэннээх суоллара кэлэр кэнчээри ыччакка ыллыктарын ыйар, суолларын тобулар эркээйи буолуохтун.
    И. Борисов
  • Саха норуота бэйэтин билиниитин, инники сайдыытын эркээйитэ торумнанна. "Кыым". Ср. эвенк. илкэн ʽзарубка (дорожный знак на дереве)’

«Э» буукуба