ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрэһит

аат тыл

Нууччалыы свидетель, очевидец

1 аат тыл #

Туох эмэ буолбутун билэр уонна ону бигэргэтэр кыахтаах киһи, туоһу

Нууччалыы Свидетель, очевидец

  • Түүҥҥү быһылааҥҥа биһиги үс киһиттэн ураты кэрэһит суоҕа. Нэртэ. Охсуһууну көрбүт кэрэһиттэртэн ыйыталаһан барбыппыт. Силиэдэбэтэл, кумааҕы, харандаас ылан, бэркэ сэрэнэн хааман, илдьэ кэлбит кэрэһиттэрин батыһыннара сылдьан, быһылаан миэстэтин болҕомтолоохтук иҥэн-тоҥон үөрэттэ
    Н. Борисов

2 аат тыл #

Тугу эмэни туоһулуур, бигэргэтэр чахчы, дакаастабыл

Нууччалыы Свидетельство, признак, предвестник чего-л

  • Саха норуотугар кыталык өрүүтүн даҕаны үчүгэй бэлиэтэ, дьол-соргу, уйгу-быйаҥ, өҥ-тот кэрэһитэ, илдьитэ буолар.
    П. Тобуруокап
  • Музейдар норуот историятын, олоҕун-дьаһаҕын, культуратын кэрэһиттэрэ буолаллар.
    И. Федосеев
  • Үөрүү бэлиэтэ, дьолбут кэрэһитэ - Мичээр сири баһылыахтын
    И. Эртюков

«К» буукуба