Перевод с якутского
кэрэһиттээ
туохтуур
Нууччалыы быть, выступать свидетелем чего-л
1 туохтуур #
Туох эмэ буолбутун көрбүт-билбит буолан бигэргэт, туоһу буол
Нууччалыы Быть, выступать свидетелем чего-л
Суукка сымыйанан кэрэһиттииллэрин сөбүлэһиэхтэрэ дуо? Н. Якутскай Доппуруостанааччы таба өйдүү сатыыр. Пахомову этэрэ буолуо дуо? Ким кэрэһиттиэй? Н. Борисов
2 туохтуур #
Тугу эмэни туоһулаа, бигэргэт; тугу эмэни туоһулуур, бигэргэтэр чахчыны аҕал (ый)
Нууччалыы Указывать на какие-л. свидетельства, факты, подтверждающие, доказывающие что-л
Сотору тииттэр быыстарынан балаакка туналыйан көһүннэ. Киһи баарын кэрэһиттээн, оһох турбата аҕыйах кыымынан сөтөлүннэ. Нэртэ. Эбэ уонна эһэ былыр былыргыттан дириҥник ытыктанар дьон. Ону тылбыт-өспүт, үгэстэрбит кэрэһиттииллэр. ЧКС АК