ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уруок

аат тыл

Нууччалыы урок

English lesson

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы урок

English lesson

  • ахсаан уруога
    урок математикиa math lesson, a maths lesson
  • уруоккун аах
    усвоить урокto learn a lesson

2 аат тыл #

Туспа предмет быһыытынан ыытыллар үөрэх чааһа

Нууччалыы Учебный час, посвящённый отдельному предмету

  • Кулаковскай уруоктарыгар биһиги оччо мэнигилээбэт, киниттэн толлор буолан бараммыт, маҥнай утаа урукку учууталбытын суохтуур этибит.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин билигин уруогум аайы баар-суох билиибин, кыахпын олоччу биэрэ сатыырга, сырыы аайы бэйэбэр уонна оҕолорбор туох эмит саҥаны арыйарга кыһаллабын.
    Н. Лугинов
  • Кэргэним биһикки күннээҕи үлэттэн сылайан кэлэрбит, мин өссө үлэбиттэн кэлэн баран уруокпар бэлэмнэнэрим.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Марина ону-маны өйүгэр ырыта да олордор учуутала чуор, эрчимнээх куолаһынан уруогун түмүктүүрүн болҕойон иһиттэ
    НТП ТББ

3 аат тыл #

Үөрэнээччигэ бэриллэр дьиэтээҕи сорудах

Нууччалыы Домашняя задание (в учебном процессе)

  • Эдэр ыччат кинигэ ааҕар, оҕолор уруоктарын бэлэмнииллэр.
    Н. Якутскай
  • Уол сааһыгар биирдэ таһылла илик, үлэтин, уруогун саҥата суох сылдьан толорор.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕом урут баччаҕа уруогун кэлэн үөрэтэ олорор буолара
    Н. Заболоцкай

4 аат тыл #

калька. Киһини толкуйдатар, үөрэтэр быһыы-майгы, туох эмэ түмүгэ

Нууччалыы Результат чего-л. поучительного, какое-л. обстоятельство, из которого можно сделать вывод для будущего

  • Кинилэр тустуу албастарыгар эрэ буолбатах, олох мындыр уруоктарыгар эмиэ үөрэппиттэрэ. ВВ ТТ. Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах пароходствота ааспыт сыллар хомолтолоох уруоктарыттан сөптөөх түмүктэри оҥостуохтаах. "Кыым". Урукку уопуттан туһалаах уруоктары ылар туһугар, ону кистээбэккэ этэри сатыыр буолуохтаахпыт
    СГС СЛКСБ

5 этии #

Нууччалыы Урок, демонстрирующий умения, навыки, уровень обучения учителя, также посвящённый распространению инновационных идей и обмену опытом учителей, открытый урок

Этиилэр

Аһаҕас уруок

учуутал үөрэтэр таһымын көрдөрөр, атын учууталлары кытта уопут атастаһар, саҥаны, сонуну тарҕатар уруок Суотту орто оскуолатын учууталлара нуучча тылыгар уонна литературатыгар аһаҕас уруоктары үрдүк таһымнаахтык ыыппыттара эмиэ биир туспа кэрэхсэбили ылла.

  • "Кыым".

Уруок аах (оҥор)

уруокка бэриллибит дьиэтээҕи сорудаҕы толор, оҥор.

Делать (читать) уроки.

  • Уруок ааҕарым быыһыгар аралдьыйдарбын эрэ, кини хайыы-үйэҕэ кинигэбин ыла охсон, аахпыта буолан ботугуруу-ботугуруу көрө олорор буолар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини биһикки ибири-сибири иһирик ойуур ырааһыйатын иһигэр уруокпутун ааҕабыт. С. Федотов

«У» буукуба