ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ускай

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы науськивание, подстрекательство

1 аат тыл #

Киксэрэн, тэптэрэн биэрии, киксэрии

Нууччалыы Науськивание, подстрекательство

  • Барыта Сабардамнар уодаһыннара, ордук Хобороонньо ускайа.
    Болот Боотур
  • Сымыйа сураҕы кырдьыктаныма, утары туруортуу сатааччылар ускайдара ини.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Түбэспиччэ бөлөхтөргө түбэспит оҕо доҕотторун ускайын толорооччу "саллаакка" кубулуйар.
    ЧКС АК

2 аат тыл #

сөбүлээб. Албын, киитэрэй эр-бэрдэ, урдус

Нууччалыы Мошенник, плут

  • Кулаагы, ускайы Кумалыы туппуттар, Иҥсэлээх ыт баайы Имири соппуттар.
    А. Бродников
  • Өстөөх уон ускайын Утары киэптэспит Уот Субуруускайы "Убайбыт" дэһэрбит
    ХС
  • Дарбааһап уонна Бурҕаачай Боскуо араас ускай тылы тарҕата сатаабыт этилэр.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • [Айыыда] ускай тыллаах Хобороос ыйыталаспытын дьиксинэ иһиттэ, дьахтар сирэйин-хараҕын көрүтэлээтэ. "Чолбон". Уруккута ускай, муҥхаал, Хаартыһыт бэрдэ уола-хаан. А. Пушкин (тылб.)

3 даҕааһын #

суолт. Буолар-буолбат (хол., тыл-өс); эрэлэ суох, саарбах сырыылаах (киһи)

Нууччалыы Неправдоподобный (напр., о слухе); ненадёжный, с сомнительным поведением (человек)

«У» буукуба