Перевод с якутского
уһуу
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы пугливый; дикий, не ручной
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Олус тэһии, үргүүк, тэһииргээн ыраах куотумтуо; сыһыйбатах, дьиэтийбэтэх
Нууччалыы Пугливый; дикий, не ручной
Тыалга үрдэрэн куһугурайан испит уһуу көтөрдөр, биһигини көрөннөр икки аҥыы хайыннылар. С. Федотов Биирдиилээн үүрүүгэ уһуу үөрдээх сылгыны төһө эмэлээх киэҥ сиринэн эргитэн, сылгыны илиһиннэрэн, аттыын-бэйэлиин илистэн аҕалыаҥ турдаҕа дии. ОМГ ЭСС. Уһуу таба туттаран үүрдэрбэт, киһи салайыытын хоту сылдьыбат үөр атыыра үүрүүгэ элбэх сыраҕын ылар ААИ ОБСЫҮ
2 даҕааһын #
Сытыы-хотуу, кэлигэс-барыгас (киһини этэргэ)
Нууччалыы Резвый, подвижный, быстрый; шустрый (о человеке)
Уһуу дьахтар эр дьонтон хаалсыбат: кыһынын сүөсүһүт бастыҥа, сайынын окко иннин кимиэхэ да биэрбэт ХС Түргэн, дьулусхан, дохсун. Θ Быстрый, стремительный, бурный. Таастаах кумах кытыытынан, уһуу бааллар, дьалкыллыҥ. Күннүк Уурастыырап Чээлэй күөх сайын барахсан соҕотохсуйбуту да сэргэхситэр, дьэгдьитэр, туоххаһыйбыты да татым санааттан тумуннарар ураты уһуу тыыннаах эбит. С. Маисов
Өссө холобурдар (4)
Уһуу тыал уурайда, Уу-чуумпу налыйда. Көлүччэ күөлбэр Күөнэхтэр сэмсииллэр М. Хара Эйигин көрөөт, Кынаттаах көтөр Уһуутун куота, Үөһэнэн уста Мин санаам көттө. П. Тобуруокап Кулааһайы булчут уһуута эрэ бултуур. В. Миронов Төһө да биһиги улахан уһуу аатырбыппыт иһин, аһара дьаһаммаппыт, туора туттубаппыт Сэһэн Дьэрэмэй
3 даҕааһын #
Ураты күүстээх, баламат, тэһии (хол., санаа)
Нууччалыы Сильный, волевой, дерзкий (напр., о мысли)
Онтон саҕаламмыта буолуо, баҕар, Олохпор баар араас уһуу баҕам: Үрдүккэ талаһарым, Үчүгэйгэ сыстыһарым. Болот Боотур Арктиканы баһылаары аан дойду өркөн өйдөөхтөрө, хорсун санаалаахтара, уһуу сүрэхтээхтэрэ хас да үйэ устата эспэдииссийэ бөҕөнү тэрийбиттэрэ. И. Федосеев Хаппытыан итии уйатыттан хамсыа суох этэ, ону баара, уһуу сүрэхтээх буолан, ыраах барбыта А. Сыромятникова
4 аат тыл #
суолт. Атыттары быдан баһыйар, туйгун, чулуу ким, туох эмэ
Нууччалыы Кто-что-л. превосходящее в чём-л. других, лучший из лучших