ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһуутуй

туохтуур

Нууччалыы быть, становиться пугливым, диким, не ручным

1 туохтуур #

Кэлигэс-барыгас, куотумтуо, уһуу буол

Нууччалыы Быть, становиться пугливым, диким, не ручным

  • Тыһыта суох табалар уһуутуйан, онно-манна бырах бараары ыксаталлар.
    И. Данилов
  • Тутуллан аһыы үөрэммит атыыр сымнаҕас, сиргэ да сылдьан уһуутуйбат буолар. ОМГ ЭСС. Сылгы үксэ сатаан сыһыаннаспаттан, табан үүрбэттэн, түбэһиэх дьон сатаан сылгылаабаттарыттан сылтаан уһуутуйар
    ААИ ОБСЫҮ

2 туохтуур #

Өйүҥ-санааҥ, ыырыҥ кэҥээ

Нууччалыы Расширять свои возможности (напр., ум, место обитания)

  • Ол сайын, кырдьык, этэ-хаана чэбдигирэргэ, уҥуоҕа-сүһүөҕэ чэпчииргэ, өйө-санаата уһуутуйарга дылы гыммыта.
    Болот Боотур
  • Баҕарабын олус дарбыйбакка, Аат-суол да ылбакка, сэмэйдик, Уһуутуйан урут да барбакка Үлэлээ, олор үчүгэйдик.
    И. Эртюков
  • Ымыылаах охтуу уһуутуйан, Ыраах сиринэн айанныы сылдьан Хаара харахпын симэ түһээтин, Хаарыан дойдубун көрөн үөрэбин!
    ХС

«У» буукуба