ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хадьый

туохтуур

Нууччалыы сильно покусать, рвать зубами; пожирать. [Эһэ] Саҕабыттан хам тутан, Саба баттаан өр сытта Уонна икки харыбын Уҥуохтарын хадьыйда

II

туохтуур

Күүскэ ытыр, ытыран ыл; быһа ыстаан сиэ

Нууччалыы Сильно покусать, рвать зубами; пожирать. [Эһэ] Саҕабыттан хам тутан, Саба баттаан өр сытта Уонна икки харыбын Уҥуохтарын хадьыйда

  • көр хадьай. Борохуот -- хаҥас өттүнэн хадьыйан, улам эргиллиэх курдук быһыытыйан барбыта.
    И. Никифоров
  • Оҕолор тэлгэһэҕэ киирэн оонньуу сылдьар Биэрэлээх оҕолорун көрөн, онно хадьыйдылар.
    ХС
  • Айаннаан иһэллэр. Оттон арыы толооно да көстүбэт. Анньыыс мунчаарда: ама уҥа хадьыйбытым буолуо дуо? Дьолбут к. Ср. п. -монг. хайи ‘уклоняться в сторону’, ДТС хач ‘избегать; уходить’
Өссө холобурдар (3)
  • Оҕуруоттан хаппыыста төбөтүн хомуйан, хоонньубутугар симинэн аҕалан, сиэн хадьыйабыт.
    Н. Кондаков
  • Туора үрүҥ туоһахталаах Тойон атыыр оҕуспут Локуоралыыр оппутун Туоракалыы хадьыйан, Лоҥкуначчы айаатаата.
    С. Васильев
  • Ср. п. -монг. хадьа, бур. хазаха ‘кусать, кусаться’

«Х» буукуба