ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халыһый

Нууччалыы скользить быстро, проворно

1 #

Түргэнник, сылбырҕатык халтарыйан бар

Нууччалыы Скользить быстро, проворно

  • халый диэнтэн хамс. көстүү. Харалаампый сэбиэтим, Халыһыйа тиэтэйэн, Хамбынаакка сакаастаан, Ыскамыайка диэн ааттаан Ылаахтаабыт сээбэһэ Ытырыыга бэрт буолан, Ыалдьыттарбын ыксатар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хара тураҕас ат Халыһыйа сиэлэн кэлэн, Күрүөлээх от таһыгар Күөнүнэн хоруйа түстэ.
    Болот Боотур
  • Хаппаахап халҕаммын сабаат да, Хааман-сиимэн халыһыйда. Ф. Софронов
Өссө холобурдар (3)
  • Халыһыйдар халыһый, Хайыһарбыт барахсан.
    И. Федосеев
  • Туута аллаахтык халыһыйан испитэ.
    И. Данилов
  • Ат соһон иһэр кыра таһаҕастаах чэпчэки сыарҕата халыһыйар.
    НЕ

2 #

Киэҥ сиринэн тайаан түргэнник, дохсуннук, балысханнык сүүрүгүр, уһун (хол., халаан уутун этэргэ)

Нууччалыы Течь быстро, бурно, выходя из берегов (напр., о разливе)

  • Сотору-сотору туораталыыр дулҕалаах үрүйэнэн бадарааннаах уу халыһыйа сүүрэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Халыма халыһыйар уута Тымныыттан күрэнэн, муус аннынан Аат харата дьэбидийэ устар.
    И. Федосеев
  • Хайдыы-дьураа ахсынан Халаан уута халыһыйан Халлыгырыы сүүрүөҕэ
    С. Васильев

«Х» буукуба