Перевод с якутского
хамыһаар
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы руководящее лицо с общественно-политическими или административными обязанностями, комиссар. [Лэкиэс:] Маннааҕы хамыһаары көрсүөм диэн кэлбитим
1 аат тыл #
Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй эбэтэр административнай эбээһинэстээх салайааччы киһи
Нууччалыы Руководящее лицо с общественно-политическими или административными обязанностями, комиссар. [Лэкиэс:] Маннааҕы хамыһаары көрсүөм диэн кэлбитим
Куоласпын быспыттар. А. Софронов Совнарком дьаһалынан уобалас хамыһаара Соловьёв дуоһунаһыттан туоратылынна. ХС [Хабырылла Дьөгүөрэп] хоту дойдуга оскуола туттарыытын наадатыгар сылдьар. Дьокуускайтан үөрэх хамыһаарыттан сорудахтаах үһү. А. Кривошапкин (тылб.)
2 аат тыл #
Үөрэхтээх, мааны таҥастаах-саптаах киһи
Нууччалыы Образованный, грамотный, нарядно одетый человек
Күтүөт уол саҥа көстүүмү, саҥа соруочуканы кытта, дьэрэкээн ойуулаах хаалтыһы бааммыт. Букатын бэйэтэ биир туспа хамыһаар. А. Бродников Ньурба хамыһаардара оту-маһы былаан, олустаахай диэн миини оҥостоллор. С. Федотов Хайа да бэйэлээх хамыһаар олоҕуттан итэҕэс олорботохпут. ЧКС АК. [Лаглаарыйа:] Оҕолорбут бары үөрэхтэнэн хамыһаар буолан хааллахтарына, ким оппутун оттуур, маспытын мастыыр И. Находкин
Өссө холобурдар (2)
Хамыһаар дьоҥҥо эрэ Хам-түм харахтыырым Хараҕы үөрдэр кэрэ Хаарыс, солко таҥастары. Урсун. Хамыһаар хотун, тойон ойоҕо, тугу кэпсии-ипсии олороҕун? В. Гаврильева Хаһан хамыһаар дьон буолаҥҥыт ийэлэргитин-аҕаларгытын иитэн абырыыгыт? ХС
3 даҕааһын #
суолт., кэпс. Үөрэхтээх, маанытык таҥныбыт
Нууччалыы Образованный, нарядно одетый