ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хатый

туохтуур

Нууччалыы повесить, положить что-л. на что-л. крест-накрест, скрестить

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ эрийэ, кириэстии тут (хол., атаххын атаххар)

Нууччалыы Повесить, положить что-л. на что-л. крест-накрест, скрестить (напр., руки)

  • "Гра" диэн сааны таҥнары сүкпүт, икки санныгар батарантаастары хатыйа иилиммит.
    Амма Аччыгыйа
  • Силтэһин атаҕар атаҕын хатыйа ууран, туох да саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордо.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аҕал уҥа илиигин, илиилэрбитин маннык хатыйа тутуох, уонна – уураһабыт. Брудершафт диэн бу буолар.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Атамай тарбахтарын тобугар хатыйа тутан олорон саҥарар
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ токурутан эрийэ, сөрүү тут, олуйа ук

Нууччалыы Обмотать, оплести, обвить, увить (напр., о вьющемся растении)

  • Иккис куба кэлэн, доҕорун моонньун хатыйан ууруур. Тумсунан имэрийэр-томоруйар.
    Суорун Омоллоон
  • Ыал бары үтүктүспүт курдук иирэни хатыйан оҥорбут үрдүк, киэҥ олбуордаахтар.
    Болот Боотур
  • Хатан хандалынан Хатыйа тардыҥ, Ыар сыабынан сыыптааҥ, Күүс сиринэн күлүүстээҥ!
    Д. Говоров

3 туохтуур #

спорт. Киирсиигэ, тустууга утарылаһааччыҥ атаҕын атаххынан олуй, атаххынан эрийэ, кириэстии тутан тэп

Нууччалыы Подставить подножку противнику, ударить ногой

  • Ньургун эмискэ көнө түһээт, киһитэ кылыйа сылдьар атаҕын хатыйан, баттыы түһэрдии сананан, умса дьүккүйэр.
    Н. Лугинов
  • [Василий Ильич] күөн көрсөөччүтүн хатыйан, олуйан, илиитинэн өттүктээн охторуу – кини чахчы баһылаабыт ньымалара. Хапсаҕай. Атаҕар күүстээх буолан атахтаатахтарына төлүтэ тэбэр, олуйдахтарына, хатыйдахтарына ибир да гыммат.
    СМН ТС

4 туохтуур #

Кими эмэ уустук, олуурдаах быһыыга-майгыга түбэһиннэрээри тугу эмэ гын

Нууччалыы Подвести, подставить кого-л. с умыслом, учинить подвох

  • Юкасовы кытары мэнээк киһилии логиканан сатаан мөккүспэккин. -- Кинини бэйэтин утары туохха эмэ сыһыаран, дэбигис өйдөммөт идейнэй омсоҕо хатыйдаххына эрэ абыранаҕын.
    Н. Лугинов
  • Саалаттан -- соруйан хатыйар ыйытыы иһиллэр
    Н. Борисов

5 этии #

Нууччалыы Изгородь, сплетённая из тонких жердин, прутьев, плетень

Этиилэр

Хатыйа күрүө

ураҕастары чаастатык сиргэ саайталаан баран синньигэс титириктэри эбэтэр талаҕы бэйэ-бэйэлэригэр хатыйыллар, кириэстии тута-тута арда суох гына өрөр курдук, оҥоһуллар күрүө Куйаас баҕайы күн хатыйа күрүө күлүгэр утуйа сытан уһукта биэрдим.

  • ИСА. Халтарыйымаары, хатыйа күрүөттэн тутуһан, уулуссатыгар туораата уонна, аҕыйахта атыллаат, Морозканы үктүү сыста.
    А. Фадеев
  • Ср. ДТС хадар ‘вертеть’

«Х» буукуба