Перевод с якутского
хаһыы
аат тыл, аат
Нууччалыы громкий, напряжённый, сильный звук голоса, громкое восклицание, крик
English scream
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Ким эмэ олус улахан, ыһыытыыр саҥата
Нууччалыы Громкий, напряжённый, сильный звук голоса, громкое восклицание, крик
Ынах үүрэр оҕолор хаһыылара, хотонноругар тахсыбыт дьахталлар саҥалара чаҥкынаһаллар. Софр. Данилов. Саала иһэ кыайыылааҕы эҕэрдэлиир хаһыынан үллэ түстэ.
Н. ЛугиновМаайа ыксаабыт, ыгыллыбыт хаһыыта бу айдаан ортотугар иҥэн-сүтэн, иһиллибэт буолан хаалла Эрилик Эристиин Туох эмэ (кыыл-сүөл, көтөр) үөгүлүүр, ыһыытыыр саҥата. Θ Громкий звук, издаваемый животными, птицами, крик. Кини туруйа хаһыытын, күөрэгэй ырыатын таптаан иһиллиирэ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Таас хаспаҕын иһигэр уот оттон аһыы олорон суор хаһыытын истибитэ. Т. Сметанин Чуумпуну сур бөрө улуйуута, хагдаҥ эһэ хаһыыта эрэ аймыыр Л. Попов
2 аат тыл #
Сигнал биэрэр анал оҥоһук тыаһа (хол., борокуокка, пуойаска)
Нууччалыы Громкий протяжный, монотонный низкий звук, гудок (напр., парохода, поезда)
Борокуот тиһэх хаһыыта дуораһыйбыта... Софр. Данилов. Араадьыйа ыллаан ньиргийэр, Ыстаансыйа хаһыыта иһиллэр. С. Васильев Бэс ыйын бастакы күннэриттэн биирдэстэригэр сарсыарда эрдэ бөһүөлэги теплоход хаһыыта уһугуннарбыта С. Тумат
3 аат тыл #
Ханнык эмэ иэйии, долгуйуу дохсуннук биллиитэ
Нууччалыы Бурное выражение сильного чувства, переживания, крик
Бу хаһыы – буурҕа сатата! Уох-кылын уордаах күүһүн, Уоттаах санаа төлөнүн, Кыайыы дьиҥнээх эрэлин, Бу хаһыыга, былыт истэр. И. Чаҕылҕан Саллаат сүрэҕин хаһыытын, тойук сибиниэһин Мин түөһүм төлө тэбэр. Т. Сметанин Уйуһуйбут өйүм Уолуйар хаһыы Таммаҕа буолан Саккыраата. Доҕордоһуу т
4 этии #
Нууччалыы Обладающий громким голосом, горластый. [Агдам – оҕонньору:] Сатана баара, чахчайа сытыйдар да, бүтүннүү хаһыы иччитэ эбит
Этиилэр
Дууһа хаһыыта көр дууһа
Кырдьыга, ити тугу да туһалаабат дууһа хаһыыта этэ. Н. Босиков Хаһыы иччитэ кэпс. – олус улахан саҥалаах Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хахы ‘сердиться’
5 аат #
Кыһын сүөһүнү (хол., табаны, сылгыны) хастаран аһатыы
Нууччалыы Пастьба сельскохозяйственных животных (напр., оленей, лошадей) на заснеженных пастбищах, где корм откапывается из-под снега копытами, подножный корм, тебенёвка
хас I диэнтэн хай. аата. Ордон хаалбыт ыччаты барытын саанан куттаан окуопа хаһыытыгар үүрбүттэрэ.
Суорун ОмоллоонГаня шурф хаһыытыгар, ол-бу илии үлэтигэр тэҥнээҕин булбатаҕа. И. Федосеев Роталар бары кэриэтэ землянка буорун хаһыытыгар үлэлээтилэр. А. Бродников
Өссө холобурдар (1)
Аҕыйах ардахтаах кураан ый буоллаҕына сылгы хаһыыта үчүгэй туруктаах буолар. Сылгыһыт с. Хаһыыга төрүөх сылгы уонна кырдьыбыт биэлэр эрэ хаалаллара. АНП ССХТ. Хаһыы бириэмэтигэр хаар кытаатыыта, олус халыҥааһына эмиэ улахан кутталлаах КТЫы
6 аат #
арх. Сири хаһан былыргы олох-дьаһах малын-салын көрдөөһүн; оннук үлэлэр барар сирдэрэ
Нууччалыы Раскопки; место, где ведутся раскопки
Хаһыы кэмигэр буор күөс үлтүркэйдэрэ, күөс охсор бөкүнүк таас уонна биир хаптаҕай тимир көстүбүттэр. БИГ ӨҮӨС. Ити сыл күһүнүгэр манна хаһыылар саҕаламмыттара. Үс, биэс тыһыынча саастаах неолит саҕанааҕы көмүүлэр көстүбүттэрэ. "Кыым". Хаһыылары ыыта сырыттахха көстөр былыргы үйэтинээҕи дьон уҥуохтара кичэйэн үөрэтиллэллэр Кыым
7 аат #
хайа. Сир баайын хостуурга анаан хаһыллыбыт аһаҕас хайа сирэ
Нууччалыы Место, где производится добыча ископаемых открытым способом, открытая горная выработка, разрез
Саамай үөрүүлээҕэ диэн баар, бу бачча өр халтайга хааман бараммыт биир хаһыыттан икки алмааһы буллубут.
Н. ЛугиновМирнэй, Айхал хаһыылара наһаа дириҥнэр. Баайдара билигин да элбэх. ПНИ ЭД. Хорҕойорго шахталары уонна да атын хаһыылары туһанар үчүгэй буолааччы МКББ
8 этии #
Нууччалыы Пруд. Хаһыы көлүйэ саҥардыы тумана көтөн эрэр. И. Тургенев (тылб.)
Этиилэр
Дүлүҥ (хаһыы) тыы (оҥочо) көр дүлүҥ
Хаһыы оҥочонон даҕаны тайылҕаннаах айаннарга сылдьар, сири хоротор кыаллыбат дии саныыбын. Багдарыын Сүлбэ. Оччолорго арыыттан арыыга (ол аата, тумултан тумулга) болуотунан уонна хаһыы тыынан сылдьаллара эбитэ үһү. ХС
Хаһыы көлүйэ
сир оҥхойугар анаан куттарыллыбыт уу