Перевод с якутского
хаһыыр
туохтуур
Нууччалыы громко кричать, вопить
1 туохтуур #
Олус улаханнык кыланан ыһыытаа, үөгүлээ (хол., уордайан, ыксаан)
Нууччалыы Громко кричать, вопить (напр., в гневе)
Настаа хаһыыра түһэн баран киэр ыстанар.
КүндэБиир ньиэмэс табыллан хаһыырда. Т. Сметанин Арсен бары кыһыыта-абата бүүйэ-хаайа тутан, эмискэ хаһыыра түһээт, биэдэрэтин харбаан ылла да [ынаҕы] сискэ мииннэрдэ А. Фёдоров
Өссө холобурдар (3)
Олус улаханнык часкый, хаһыытаа (кыыл-сүөл туһунан). Θ Издавать протяжные, громкие звуки, рычать, реветь, курлыкать и т. д. (о животных). Саҥардыы курдук саныыбын Эйигин кытта сылдьарбын: Сааскы туруйа хаһыыран, Саалана-кустуу барарбын. Күннүк Уурастыырап Бааһырбыт эһэ хаһыырда. Н. Заболоцкай Баабыр эмиэ хаста да ыстаммыт уонна эмиэ хаһыырбыт. В. Арсеньев (тылб.)
2 туохтуур #
Олус улахан тыаһы-ууһу таһаар (күүстээх тыал, буурҕа туһунан)
Нууччалыы Издавать звуки, похожие на рёв, вой, свист (о сильном ветре, пурге)
Буурҕа ыһыырар, Буурҕа хаһыырар, Хаары ытыйбахтыыр, Хаарынан ыспахтыыр. Күннүк Уурастыырап [Дьэкиим] уордайан да көрөөхтөөтүн, оннооҕор таһырдьа тыал хаһыырар. Н. Заболоцкай Силлиэ эмиэ сэллии түһэн, хаһыырара уурайан, -- дөрүн-дөрүн куугуначчы охсуллан ааһар ССЛИО