ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоонньос

туохтуур

Нууччалыы лечь с кем-л. в постель; спать с кем-л. вместе

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кимниин эмэ бииргэ сыт, сытан утуй

Нууччалыы Лечь с кем-л. в постель; спать с кем-л. вместе

  • Микиитэлээх Буута хоонньоһон баран сибигинэһэн сэһэргэһэ сыттылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕолор бэйэ бэйэлэригэр хонсоллоругар хоонньоһон утуйаллара, киэһэ хойукка диэри кэпсэтэ, күлсэ сытар буолаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Халлаан сырдыыта Владимир Михайлович биһикки күүлэҕэ, кыараҕас баҕайы сыарҕа ороҥҥо хоонньоһон утуйбуппут
    Чолбон

2 туохтуур #

Кимниин эмэ кэргэннии сыһыанынан утуйан тур

Нууччалыы Вступить в интимные отношения с кем-л., переспать с кем-л

  • Мин кэргэн ылаары сылдьар кыыспын куттаан хоонньоһорго күһэйбит этэ.
    И. Гоголев
  • Эльвиратын кытта арахсан баран манаах курдук сылдьыбатаҕа, хоонньоспут дьахтара элбэх этэ. Б ИУоК. Бүгүн көрдүҥ дии, туора киһи баар диэбэккэ, күрүлүүр күнүс ойохпун кытта хоонньоспута сүрэ бэрт дии
    ХС

3 туохтуур #

Чугас, ыкса баар буол; туох эмэ аттыгар чугас сыт

Нууччалыы Находиться вблизи, рядом с чем-л

  • Дьокуускай куораты кытта хоонньоһон сытар Горнай оройуонугар иҥэн-хаһан таба баар буолуо диэн биһигиттэн ким да түһээн да баттаппатах эбит!
    С. Руфов
  • Баһырхай элбэх таас чох, тимир уруудата, апатит, сүлүүдэ ол-бу барыта хоонньоһо, чугас-чугас сыталлар
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Равный, достойный (по возрасту, взглядам, возможностям) быть женой или мужем

Этиилэр

Хоонньоһор кэһии көр кэһии I

  • Онуоха эбии хоонньоһор кэһии диэн үс сүөһүнү өлөрөн буһаран хааһахха симэн аҕалбыттара.
    Далан
  • Хоонньоһорго холоонноох (доҕор, ойох) фольк. – кэргэннии буоларга тэҥнээх Хоонньоһорго холоонноох доҕор көрдүүр дииллэрэ.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (2)
  • [Аҕыйа бухатыыр саҥам диэн саҥара турбут] Эн киниэхэ [Үрүҥ Уолаҥҥа] хоонньоһоругар холоонноох ойоҕу ыйан биэрэр кыахтаах үһүгүн диэбиттэрэ.
    ХС
  • Ср. ДТС хойҕаш ‘лежать в обнимку’

«Х» буукуба