ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хор

даҕааһын, частица, аат тыл, туохтуур, тыл

Нууччалыы быстро съедаемый

English quickly consumed

Ис хоһооно · 11

1 даҕааһын #

Нууччалыы быстро съедаемый

English quickly consumed

  • хор ас
    быстро съедаемая едаquickly consumed food

2 частица #

Нууччалыы выражает удивление

English Expresses surprise. hey, wow

  • хор, син бурдук бэркэ үүммүт ээ
    ишь, хлеб всё же заметно растётwow, the bread is growing quite a bit after all

3 аат тыл #

Нууччалыы хор

English choir, chorus

  • хорунан ыллаатылар
    хор пелthe choir sang
I

4 туохтуур #

Сири хаһан ууну атын сиргэ ыыт, көһөр

Нууччалыы Рыть канавы, траншеи для спуска воды из водоёмов

  • Онно былыр улуу күөл баарын нэһилиэк дьоно бүтүннүү мустан хороннор ааттаах ходуһаны таһаарбыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Чооруона тиэргэнин чалбаҕын хорон куурда оҕуста.
    У. Нуолур
  • [Сибэниэ чилиэннэрэ] кыһын ходуһаларыгар хаар типтэрэллэр, -- саас уу халыталлар уонна хороллор, массыына сылдьар сирин ыраастыыллар, отторун күрүөтүн курулууллар
    ХС
II

5 даҕааһын #

Түргэнник бүтүмтүө, баранымтыа (үксүгэр аһы этиллэр)

Нууччалыы Быстро расходующийся (о пище, продуктах)

  • Паачыкалаах чэй ордук хор, бараммыта эрэ баар буолар.
  • Хор ас. ЯР
    С. Ср
  • ДТС хор ‘убыток’
III

6 #

саҥа алл

  • Хор, ол курдук Өлүөнэ өрүһүм күн ортотун саҕана оттуун-мастыын күлэр, оонньуур!
    Суорун Омоллоон
  • Хор, куһаҕан, сут дьыл моҕотой киһиттэн куттаммат дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа.
    И. Гоголев
  • "Хор, бу булчут киһи быһыыта", – дии-дии Николай Гаврильевич киһитин куһун ылан ыараҥнатта
    П. Филиппов

7 #

Сөҕүүнү дьиктиргээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает изумление, удивление говорящего (смотрящего)

8 #

Саҥарааччы үөрбүтүн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает радость говорящего. [Ыстапаан этин таһа сылдьан:] "Хор, бургунаспыттан алта буут тахсыыһык ээ, ама наадабын толунаа инибин", – диэн үөрэ санаата

  • Хор, быраастар барахсаттар эмтииллэрэ үчүгэйэ бэрт буолан киһи оҥорон эрэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Хор, син элбэх чубукуну бултаатым
    В. Тарабукин

9 #

Саҥарааччы уордайыытын, кыыһырыытын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает возмущение, гнев говорящего

  • "Хор, Бахсы тойон, кинээс, собус-соруйан баттаан-үктээн туран, саас үйэ тухары олорон иитиллибит дойдубун күүһүнэн талаан, уоран хомуһун ходуйан бу кыһалҕалаах дьылга сукка ыытаары гынна, көмүскээ харыһый, көр-иһит!" – дии-дии талаҕынан туора-маары таһыйар.
    Саха фольк
  • Хор, үнүрүүн эһиги дьэҥдьиир оҥороргутугар биһиги уолбутун туоһунан киллэрбит этигит дии, ону бэйэтэ баҕатынан киирбитин курдук санаан, биир киэһэ киирэн наһаа саҥарда
    М. Попов
IV

10 #

ыан тыл. I. Этэр санааны түмүктүүр дэгэттээх бэлиэтээһини, чиҥэтиини эбэтэр түмэн, түмүктээн этиини күүһүрдэн көрдөрөр

Нууччалыы Указывает на степень достоверности сообщения, высказывания (вот, ведь, вот как видишь)

  • Хор, ити санаабын сайгыччы саҥаран, санаам саппаҕа сайҕанна.
    А. Софронов
  • Хор, уруккуну ытыктыыр, итэҕэли тутуһар, аныгылыы иитиигэ буорту буола илик кыыс эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Хор, субу көтөр оннук өйдөөх буолар эбит.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

11 #

Дууһа араас долгуйуутун (дьиктиргээһини үөрүүнү, сөбүлээһини, сөҕүүнү, курутуйууну, муҥатыйыыны, куттаныыны, киһиргээһини, астыныыны уо. д. а.) күүһүрдэри көрдөрөр

Нууччалыы Выражает усиление различных модально-эмоциональных состояний говорящего (удивление, радость, одобрение, изумление, досада. сетование, испуг, хвастовство, удовлетворение и т. п.)

Өссө холобурдар (1)
  • Хор, син элбэх чубукуну бултаатым!
    Н. Тарабукин

«Х» буукуба