ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаккы

аат тыл

Нууччалыы торбаса из замши, юфти

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

, эргэр

  • Сыппа быа тиһиктээх бороон тириитэ чаккылаах Баһылай киирэн кэллэ
    И. Никифоров

2 аат тыл #

Ынах сүөһү тириититтэн эбэтэр саарыттан тигиллибит этэрбэс

Нууччалыы Торбаса из замши, юфти

3 аат тыл #

Этэрбэс таһынан кэтиллэр, холуоһа курдук быһыылаах халыҥ атах таҥаһа

Нууччалыы Обувь типа галош, надеваемая поверх торбасов

  • Эмээхситтэр чаккы тигэллэр.
  • Дьон эрэ барыта -- хааһах курдук тиһиллэр чаккыны оҥостубуттара
    ХС

4 этии #

Этиилэр

Мин оҕом саары чаккылаах көр мин

  • "Мин оҕом даах, даах, Бэрт саары чаккылаах", – Арай биирдэ тураах [хааҕырҕаабыт].
    К. Туйаарыскай
  • Тураах "мин оҕом саары чаккылаах" диэн өҥнүбүтүгэр дылы, болокунуотум лиистэрэ тус бэйэбэр олус күндү курдуктар. С. Феоктистов

5 этии #

Этиилэр

Саары чаккы

саары этэрбэс диэн курдук (көр саары).

  • Таҥара анныгар икки саары чаккы ыйанан турар үһү (тааб.: биэ эмиийэ). Икки харчы, харчы аҥаарыгар Саары чаккы атыылаһан, Дуомах-даамах үктэнним.
    Саха фольк
  • Ср. казах. шар шарык, шаркей ‘обувь из сыромятной кожи’, русск. чарки

«Ч» буукуба