ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чакыр

даҕааһын

Нууччалыы совершенно белый, без единого пятнышка

Ис хоһооно · 5
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Мунан барар Мунаа чакыр сылгылаах Көнчүөккүүр Көҕүл Буурай тойон аймаҕа, Иччилээх суолгутун Тэлэн кулуҥ!
    Саха фольк
  • [Үрүҥ эһэ] Үөннээх чакыр хараҕынан Үрүҥ күнү одуулаата.
    Л. Попов
  • Чакыр тумустаах сылгы
    СТБКТ

2 даҕааһын #

Бүтүннүү маҥан, ханан да харата суох

Нууччалыы Совершенно белый, без единого пятнышка

3 даҕааһын #

Туналы маҥан, туртаҕар (киһини этэргэ)

Нууччалыы Светлый, светлолицый

  • Бу дойду чакыр маҥаас кыыһа, Бука, өйдүө суох бу үөрүүнү.
    С. Тарасов
  • Эдэрбэр чакыр маҥан, кыыс да кыыс этим.
    ХС
  • Бу олох эдэр, чакыр дьүһүннээх, ис киирбэхтиҥи соҕус сирэйдээх-харахтаах киһи этэ. И. Тургенев (тылб.)

4 этии #

Этиилэр

Чакыр улар көр улар

  • Чабырҕайа хампы тоҥон Чакыр улар түһэр охтон.
    В. Миронов
  • Уол куулуттан улахан баҕайы чакыр улары хостоон таһаарда.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС чахыр ‘пепельно-серый (о глазах)’, п. -монг. чакир ‘беловатый’, кирг. чэкир ‘бельмо’,
II

5 #

чакыр таас – сүүрүк охсуутугар уһуга, кырыыта суох буола мүлүрүйбүт, бытархай өрүс тааһа

Нууччалыы Мелкие камешки округлой формы, обточенные водой, течением, галька

  • Чакыр таастары күн уота сыралытар, Таммах да уу суох, куурар тамаҕым.
    М. Ефимов
  • Дьиктитэ диэн, бу чакыр таас быыһыттан тыга сытар эмтээх уу бэйэтэ кыһынын тоҥмот. Багдарыын Сүлбэ. Чакыр таас хапчааннаргар Төкүнүйэн төрөөбүтүм.
    В. Лебедев
  • Ср. п. -монг. чакиҕур ‘кремень’, узб. чакир тош ‘щебень, битый камень’, кирг. чагыр таш ‘кремень’

«Ч» буукуба