Перевод с якутского
хайыр
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы зияющий
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Чөҥөрүйэн көстөр (уута хойуорбут ойбону этэргэ)
Нууччалыы Зияющий (напр., о проруби, замерзшей до дна)
көр хойуор. Хайырбыт дириҥ уулаах күөллэри кыһын, саас андаатары бултаһарга хаалларар. "Кыым". Кыһын Халыма үгүс күөллэрэ хайыраллар. ВС ҮҮДь. Күөлү мууһа хайыран, куйуурга сиэтиэҕэ диэн билгэлииллэр. А-ИМН ОЫЭБ Ы. Ср кирг. хайых ‘замерзнуть’ Хайыр ойбон
2 этии #
Этиилэр
Хайыр (хайырбыт) ойбон харахтаах көр ойбон
Хайыр ойбон харахтаах Хаар, тыал, кыһын араҕан, Солко кустук былааттаах Самаан сайын саҥарар. П. Тобуруокап Бу Оҕус "ыыс-быдаан тыыннаах -- хайыр ойбон харахтаах, уһун ураа муостаах…" КНЗ СПДьНь
3 аат тыл #
Туох да булкааһа суох кырылас чай эбэтэр бөдөҥ көһөҥө таас, хайа боруодатын үлтүркэйэ
Нууччалыы Гравий, галька, булыжник или груда камней
Аччыгый уоллара Элэс баатыр обургу сытар ынах саҕа хайыры сулбу тардан ылан өрө көтөхтө. ПЭК ОНЛЯ I. Солко отунан сыһыыта күлүмнүө, Хайыр да быыһыттан сибэкки үүнүө. М. Ефимов Харылыы тохтор, быһыттар Хайыры кытта суулбаттар ХС
4 аат тыл #
түөлбэ. Кытаанах хара таас
Нууччалыы Чёрный камень твёрдой породы, булыжник
Оскуоланы хайырынан олбохтообуттар СТТТ
5 этии #
Нууччалыы Беспорядочно, как груда камней
Этиилэр
Хайыр курдук
үрүт-үөһэ түбэһиэх (хол.
, кыстан) Дьиэ иһигэр кэнсиэрбэ бааҥката, бөппүрүөскэ хаата, кураанах бытыылка, сороҕо өссө үлтүрүйэн баран хайыр курдук күөрэлэммит. Кэпсээннэр. Дьиэ кэннигэр ол-бу сээкэй хайыр курдук кыстаммыт. СГФ СКТ
Хайыр муус
ойбон хайыҥын бытархай мууһун чөмөҕө, өрөһөтө.
Груда мелкого льда вокруг проруби.
Охоноос хайыр муус үрдүгэр сүгэһэрин аа-дьуо устан түһэрдэ. И. Егоров Байбал оҕонньор хайыр муус үрдүгэр мэндэллэн туран, балыкка кыырт курдук түспүт дьону саҥата-иҥэтэ суох хоппо күрдьэҕинэн аргыый аҕай дуксуйан испит. А. Бэрияк
Хайыр таас көр таас I
Хайыр таас кытылга үнүөхтэһэн тахсалларын кытта, хабыр хаһыы дуораһыйда. Е. Неймохов Хара муора кытылын хайыр тааһын курдурҕаччы кэһэбин. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС, тюрк. хайыр ‘песок’, бур. хайр ‘галька; гравий; щебёнка’