Перевод с якутского
чанчарык
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы неряшливый, неопрятный, нечистоплотный
1 даҕааһын #
Чэбэрэ суох, кирдээхтик туттар
Нууччалыы Неряшливый, неопрятный, нечистоплотный
Хотон иһиттэн чанчарык баҕайы эмээхсин дьахтар ойон тахсыбыт. Саха фольк Дьону сымыйанан балыйар, куруубай, чанчарык дьахтар, дьиҥинэн, дьахтар буолбатах. И. Гоголев [Пономарёв] урут сүрэҕэлдьэс, уоруйах, наһаа чанчарык этэ Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Ырааһа суох, кирдээх. Θ Неопрятный, неаккуратный, грязный. Бөһүөлэктэр бэрт чанчарык көрүҥнээхтэр. Софр. Данилов. Чанчарык остолобуойдарга Сахсырга үөрэ сирилии көтөр. Р. Баҕатаайыскай Дайыыкка оһох тутуутун сүрдээх чанчарык үлэ курдук саныыр В. Титов
2 даҕааһын #
Сидьиҥ, куһаҕан, сиэргэ баппат (хол., тыл)
Нууччалыы Мерзкий, гнусный, скверный (напр., о слове)
Киһи буурҕаны саамай чанчарык тылынан үөхтэр-үөхпүт. С. Дадаскинов Кини ол курдук чанчарык сигилилээх, суобас хаар диэн мэлийбит, билии-көрүү өттүнэн быстар татым Сахаада Орой-төбөт мэниктэр, Чанчарыктар, мэлдьэхтэр -- Муҥхаал бары ыҥырыллар Муҥхааллар мунньахтарыгар. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Марбаала диэн соҕотох эмээхсин бүтүн бөһүөлэккэ чанчарыгынан аатырар. Л. Попов Ср. тув. чылчырык ‘слякоть, скользкая грязь. ’
3 аат тыл #
суолт. Кирдээхтик туттар, чэбэрэ суох, ньирээхи киһи
Нууччалыы Неряха, грязнуля, замарашка