Перевод с якутского
чанчык
аат тыл
Нууччалыы висок, волосы на висках
1 аат тыл #
Киһи хараҕын уонна кулгааҕын икки арда, чэчэгэй эбэтэр онно үүнэр баттах
Нууччалыы Висок, волосы на висках
Лэгиэнтэй атыыһыт икки чанчыктара маҥхайбыт, аҕамсыйа барбыт саха киһитэ этэ. Н. Якутскай Сергей дэлби тириттэ, икки чанчыгынан көлөһүнэ саккыраата. В. Яковлев Чанчыкпар үрүҥ көмүс Кыраһа кыыдамнаата Н. Босиков
2 аат тыл #
Туох эмэ (хол., оһох, аан) ойоҕоһун, дьайыҥын илин өттө
Нууччалыы Нижняя боковая сторона чего-л. (напр., печи, двери)
Ырыа Маппый уола Дыбдыыр Дьаакып уҥа оһох чанчыгар сүгэ уга хатыҥы суора олорор. Эрилик Эристиин Татыйаас аан чанчыгар, кырыылаах маска этириктээн, таба тыһын таҥастыыр. В. Протодьяконов Ол киммит күн тура ыттарый Туруору таас хайа чанчыгар? В. Миронов
3 этии #
Этиилэр
Чанчык аһа көр ас IV
Тураннар Калмыков уоһун уунан сиигиртилэр, чанчыгын аһын аргыый имэрийдилэр. Амма Аччыгыйа Икки чанчыгын аһын сааһын тухары кырыйтарбат идэлээҕэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. шанчыг ‘уступ’, монг. санчиг ‘волосы на висках’