ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чараҥ

аат тыл

Нууччалыы берёзовая роща, березняк

1 аат тыл #

Наар хатыҥ мас алардыы үүммүт ой сирэ

Нууччалыы Берёзовая роща, березняк

  • Үрүмэ долгун үөһүгэр чаллах хатыҥ намылыйан чараҥым саҕатыгар үүнэн турара.
    С. Зверев
  • Хомоҕо сөтүөлээн баран, биһиги чараҥ күлүгэр тахсан, сынньана олорбуппут.
    Н. Заболоцкай
  • Чыычаах ырыата Чараҥы чаҕаарта
    П. Дмитриев

2 этии #

Нууччалыы Подберёзовик

Этиилэр

Арыы чараҥ көр арыы I

  • Толоон ортотугар, арыы чараҥҥа, күөрэгэй чыычаах ыллаан, кэрэ-наҕыл куолаһа салгыҥҥа кутуллар, тохтор.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмиэ арыы чараҥар Ылластылар чыычаахтар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Хонуу толоонноргор Куланнарыҥ айаатаатын, Арыы чараҥнаргар Атыырдарыҥ кистээтин!
    С. Васильев

Дууп тыа (чараҥ) көр дууп

  • Дууп чараҥ устун хаамабын.

Хатыҥ чараҥ көр хатыҥ

  • Сэмэнчик тыаны быһа түһэн хатыҥ чараҥҥа тахсан кэллэ.
    Н. Неустроев
  • Хатыҥ чараҥ диэкиттэн ырыа, көр-нар күөдьүйэн иһиллэр.
    Л. Попов

Чараҥ ойуур көр ойуур

  • Чаҕылыйар бэйэтин Чараҥ ойуур быыһыгар Чалбараҥнаах күөҕүгэр Чаҕаарыччы ыллыаҕыҥ. Эллэй. Сайын ааһан Чараҥ ойуур сэбирдэҕэ Сарт кутуругун курдук Саһаран түстэ.
    С. Васильев

Чараҥ тэллэйэ

хатыҥнаах сиргэ, хатыҥ чараҥҥа үүнэр тэллэй Чараҥ тэллэйэ быйыл өлгөмнүк үүммүт.

  • Чараҥ тэллэйэ хатыҥ анныгар үүнээччи. КЗА АҮө. Ср. монг. ширэнгэ ‘роща, заросль тонких или низкорослых деревьев’

«Ч» буукуба