ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыаһах

аат тыл

Нууччалыы болтовня, на которую непродуктивно тратится время. [Ньукуус:] Ыаһах элбэх

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Оччо туһата суох саҥа-иҥэ, кэпсээн, ыаспай

Нууччалыы Болтовня, на которую непродуктивно тратится время. [Ньукуус:] Ыаһах элбэх

  • Устурууктар чэ тугу эрэ эттэ-эттэ. Ситэ өйдөөбөтүм.
    Күндэ
  • Ыраах ыалдьыт ыаһаҕа Ыһыллан барбыт, Абаҕалара тойон албына Аһыллан эрэр эбит.
    С. Зверев
  • Ыаллара кэлэллэр: ыйытыы, ыаһах…
    С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
  • Сибэкки диэн – оҕо, дьахтар ыаһаҕа. И
    Гоголев

2 аат тыл #

лит. Кэпсэл, номох

Нууччалыы Сказ, сказание

  • Киһи аньыыттан-таҥараттан арахсан, -- Сүттүлэр дүҥүр, былаайах, Сүр баттыыр сүҥ дьааһын, ыар ыаһах – Дом ини, -- Чуумпурда мин сахам алааһа.
    С. Тарасов
  • "Сир түннүгэ, Сээркээн сэһэн" – Ытык кырдьаҕас дэтэн Ыччат дьон ыаһаҕар, кэнэҕэски кэпсээнигэр Киирсэр баҕам баар, Кэрэ доҕотторуом!
    Болот Боотур

3 этии #

Нууччалыы Развлекаться тем, чтобы делать кого-л. предметом развлечения, забавляться

Этиилэр

Күн ыаһаҕа оҥоһун көр күн

  • Киһи көрбөтөҕүнэ-истибэтэҕинэ букатын сатаан олоруо суохтар. Иллэҥ киһи хата мин күн ыаһаҕа оҥостобун.
    Болот Боотур

Күн ыаһаҕын (күнү) ыыт көр күн

Өссө холобурдар (1)
  • Саад отун күн аайы биир киһи охсор. Күн ыаһаҕын ыытар курдук буоллар-хааллар үлэлээн сүөдэҥниир.
    Н. Кондаков

Ыаһах оҥоһун

1) тугунан эмэ аралдьый, кими эмэ элэк-хаадьы оҥоһун Баһылай өһүргэс. Кинини оҕо эрдэҕиттэн элэк, ыаһах оҥостон, араастаан аат-суол биэрбит киһилэрэ. Н. Заболоцкай. Дьон эйигин туой оонньуу, ыаһах оҥостоллор. "ХС"; 2) тугу да гынарыҥ суох буолан, бириэмэни аһараары тугунан эмэ дьарыктан, онон аралдьый.

Заниматься чем-л. от нечего делать.

  • Кэрдибит маспытын, аппынан үчүгэйдик суол үктээн бараммын, бэйэм киирэ-тахса ыаһах оҥостон тиэйиэҕим.
    В. Иванов
  • Булчуттар бултуу барар туһунан бэрт эрдэттэн, ааспыт саастан, уһун сайыны быһа үлэһэн, ыаһах оҥостон тэриммиттэрэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тиитэбис хараҕын хайа тардынна да, кыһан-отон киирэн барара, ону кэнникинэн дьиҥ-чахчы ыаһах оҥостубута. "Чолбон"

4 этии #

Ыаһах киһи түөлбэ. – сэһэннээх, кэпсээннээх киһи Ыаһах киһи манна суох. Ср. ДТС аҕызан ‘сказать, произносить’

Нууччалыы Хороший рассказчик, собеседник

«Ы» буукуба