Перевод с якутского
ыйааһыннан
туохтуур
Нууччалыы обзавестись весами, иметь весы
1 туохтуур #
Ыйааһынна булун, ыйааһыннаах буол
Нууччалыы Обзавестись весами, иметь весы
Сабыс-саҥа ыйааһыннаммыт. Аны электроннай ыйааһыннанан, уруккутун балтыгар биэрбит
2 туохтуур #
Нуормаҕынааҕар ыарахан ыйааһыннаах буол; уруккугунааҕар ыараа
Нууччалыы Становиться тяжелее, прибавлять в весе
Аҕыйахтык хамсана-хамсана элбэхтик аһааһынтан, сүрэҕэлдьээһинтэн биһиги биллибэтинэн ордук ыйааһыннанан иһэбит. ИПА СДьДьС. Кыыл наһаа уойара, аһара ыарахан ыйааһыннанара сатаммат АВЛ ГСФ Сыанаҥ улаат, үрдээ. Θ Повышаться в цене, становиться дороже, дорожать. Булт быраабылатын кэһии иһин ыстараап даҕаны ыйааһыннанан иһэр. ГКН КК
3 туохтуур #
Уруккутааҕар ордук суолталан, сыаналан (хол., эппит этииҥ, саҥарбыт саҥаҥ)
Нууччалыы Иметь ещё большее значение (чем раньше), становиться ещё весомее, убедительнее (напр., о речи)
Уһуйхан-Хотун уйадыйан саҥата титирэстээн да ыллар, улам чиҥээн, этэр тыллара ыйааһыннанан истилэр.
Н. ЛугиновОл устуруокалар (илиинэн суруллубут эбэтэр массыыҥкаҕа бэчээттэммит суруктар) билигин суолтата суохха дылыларын иһин, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы ордук күндүтүйэн, ыйааһыннанан иһиэхтэрин өйдүүрбүт уолдьаста. ФЕВ ДьС. Павлик салгыы эттэҕин аайы хас биирдии тыла өссө кытаатан, ыйааһыннанан, сытыырхайан истэ БТТ