ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйыһын

туохтуур

Нууччалыы глотать

English to swallow

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы глотать

English to swallow

  • ыстаабакка ыйыһын
    проглотить не жуяto swallow without chewing
  • силгин быһа ыйыһын
    проглотить слюну сразуto swallow saliva directly

2 туохтуур #

Тугу эмэ омурдан эбэтэр айаххар уган куолайгынан искэр киллэр, аһар

Нууччалыы Проглотить что-л

  • Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн (өс хоһ.). Абааһы уола айаҕар "лап" гына түһэрэн ылла, биирдэ ыйыстан кэбистэ. Ньургун Боотур. Кини -- аһыы буруону омурда-омурда ыйыстар.
    Н. Якутскай
  • Аянитов -- саһархай табылыакканы ылан кырыылаах ыстакаан түгэҕэр ордубут ууну кытта ыйыһынна. Софр
    Данилов

3 туохтуур #

Кими эмэ, тугу эмэ бүтүннүү бэйэҕэр иҥэрин, угун; биллибэт-көстүбэт оҥор, суох гын

Нууччалыы Вобрать в себя; проглотить, заглотнуть кого-что-л

  • Улахан дьааһыктар көмүһү, түүлээҕи, харчыны ыйыстан тураллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Былыттар сырдыгы ыйыстан, Хараара, боруора сыыллылар.
    Л. Попов
  • – Бу уораҕай оҕолорбутун ыйыстан иһэр, – диэтэ кэргэнэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Халыҥ былыттаах ый быыһа хараҥа бачча элбэх дьону ыйыстан кэбистэ
    П. Филиппов

4 этии #

Нууччалыы Внезапно замолчал словно проглотил язык

Этиилэр

Силин быһа ыйыстар көр сил

  • Буһа турар күөс диэки көрөөт, силин быһа ыйыһынна, уокка көхсүнэн эргиллэн, сис тутунна.
    И. Гоголев
  • Оо, үтүө ас буоллаҕа үөлбүт собо барахсан! Ньукуус мэктиэтигэр куртаҕа курулуйан ылла, силин быһа ыйыһынна.
    Н. Кондаков

Тылын быһа ыйыһынна

эмискэ саҥатыттан матта, ах барда Үөрбүт омуммар үөгүлээн иһэммин, Ах барбытым, тылбын быһа ыйыстыбытым.

  • С. Данилов

«Ы» буукуба