Перевод с якутского
ыксабыл
аат тыл
Нууччалыы стремление сделать что-л. как можно быстрее, спешка, поспешность
1 аат тыл #
Тугу эмэ оҥоро охсоору сүпсүлгэҥҥэ түһүү, тиэтэйии
Нууччалыы Стремление сделать что-л. как можно быстрее, спешка, поспешность
Өрүс уута кэлэн, дэриэбинэ дьоно ыксабылынан көһө охсубуттара. Трактиры сабар чаастара туолаатын кытта, Сура ыксабыл муҥунан саппыта. Н. Якутскай [Овсянников] олус тиэтэйиини, түбүктээх ыксабылы, дьахталлар лахсыырдарын -- олох сөбүлээбэт этэ
И. Тургенев
2 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ эмискэ тирээбит кыһалҕа, ыарахан түбэлтэ, алдьархай
Нууччалыы Паника, переполох; критическая ситуация
Биир уочараттаах мээрэйдээһин саҕана -- итэҕэстийэн, ыксабыл бөҕө буолла. Н. Заболоцкай Адычча уолун дьоно уолуйан хаалан, ууга-тыаҕа түспүттэрэ. Ыксабыл бөҕө буолбута. Н. Якутскай [Егор Егорович:] Ыксабыл буоллаҕына, бассабыыктарга биэриэм кэриэтин, бэйэ дьонугар биэриэм буоллаҕа дии С. Ефремов