ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылаа

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы ясный, тёплый, погожий

1 даҕааһын #

Былыта, тыала суох, сылаас, нуурал (күн)

Нууччалыы Ясный, тёплый, погожий (день)

  • Сыл аайы балаҕан ыйын ортотун диэки икки-үс күн ураты ылаа күннэр буолуталаан ааһааччылар.
    Далан
  • Күһүн ылаа күннэрэ Киирдэ сырдык ойуурбар.
    М. Тимофеев
  • Ыам ыйын маҥнайгы аҥарынааҕы ыраас, ылаа күннэр үүннүлэр
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

суолт. Тыала-кууһа, силбигэ суох ичигэс күн

Нууччалыы Тихий, ясный, безветренный день

  • Сардаҥанан кууһаллар Сулустар түүн аайы, Салгыбакка куталлар Сойбот дьикти ылааны.
    В. Миронов
  • Лаглайар лабааҕа Соловей уһуктар, Ып-ыраас ылааҕа Кынатын оҥостор.
    М. Джалиль
  • Ср. ДТС йал ʽгоретьʼ, бур. йалай ʽблестеть, сверкатьʼ

«Ы» буукуба