Перевод с якутского
ылҕаа
туохтуур
Нууччалыы отбирать, выбирать (напр., сорняки на огороде); перебирать, собирать в кучу, полоть
1 туохтуур #
ан эмэ тугу эмэ биир-биир ылыталаан бырах, ыраастаа эбэтэр оннук гынан хомуй
Нууччалыы Отбирать, выбирать (напр., сорняки на огороде); перебирать, собирать в кучу, полоть
Аҕыйах хонон баран оҕолор холкуоска көмө дьон буола түстүлэр, – бааһынаҕа тохтубут куолаһы ылгыыллар. С. Федотов Үлэбит таһынан өстөөх иитэлээбит миинэлэрин ылгыырбыт. И. Сосин Моонньоҕону олордорго бэлэмниир сирбит почватыттан ача силиргэхтэрин, элбэх сыллаах сыыс оттору олорчу ылгыыр ордук ЧМА МУХСҮү
2 этии #
Этиилэр
Силистэри (силистэри-мутуктары) ылҕаа
силиһиттэн (силистэри) түөр диэн курдук (көр силис).
Кинилэр манна эрэ дугуйдамматахтара чахчы, хос моонньохторо, куомуннаахтара, онно-манна бүкпүттэрэ чуолкай, онон ол буолан сидьиҥнэри сир-дойду үрдүттэн силистэри ылгыах тустаахпыт. Е. Неймохов Эргэ, хаалынньаҥ үгэстэр силистэрин-мутуктарын ылгыахха, туттуллубат буолалларыгар былааннаах дьаһаллары ыытыахха. ПЕ ҮҮҮИ