Перевод с якутского
ынырык
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы страшный, ужасный, жуткий
English terrible
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Киһини салыннарар, дьулатар, чымаан
Нууччалыы Страшный, ужасный, жуткий
Хаппытыан хайдах гынан бу ынырык өлүүнү мүччү түһэрин туһунан толкуйдуу сатыыр. А. Сыромятникова Бу ынырык, хомолтолоох сураҕы истэн Макаар хараҕа ууланна. В. Протодьяконов Эн сэриини абааһы көрөҕүн, ол эрээри Индияҕа хоргуйуу ханнык баҕарар сэриитээҕэр ынырык ХС
2 даҕааһын #
Иэдээни, алдьархайы суоһуох айылаах кутталлаах, киһини чаҕытар, дьулаан (хол., ким, туох эмэ тас көрүҥэ)
Нууччалыы Внушающий страх, ужас, устрашающий, угрожающий (напр., чей-л. внешний вид)
Абааһытыйбыт кыыл ырдьыгыныы олорор ынырык дьүһүнэ кинилэри тилэхтэриттэн субу сыыһа-халты харбаан иһэр курдуга. Н. Заболоцкай Дьөлүһүөн харах [киһи аата] таллан эриэнинэн туруору көрбүт харахтаах ынырык киһи этэ. М. Доҕордуурап [Филипп:] Үтүө доҕотторуом, өйдөөн кэбиһиҥ, өстөөхтөр ынырык сирэйдэрин! С. Ефремов
Өссө холобурдар (3)
Өлүүттэн саамай ынырыга хоргуйан өлүү буоллаҕа буолуо. Амма Аччыгыйа Кини оччоҕо ынырыгы өссө билэ илигэ да, сүрэҕэ аһый гыммыта. А. Сыромятникова Араас ынырыктары түһээн муҥнанар. Өрүү куһаҕан дьүһүннээх бөрө саҕа ыттар сиэри эккирэтэллэр И. Никифоров
3 аат тыл #
суолт. Туох эмэ дьулаана, амырыына
Нууччалыы Что-л. страшное, внушающее страх и ужас
4 сыһыат #
суолт., кэпс. Ураты, уһулуччу, аһары
Нууччалыы Страшно, очень, чрезвычайно
Эмиэ да чугас курдук, эмиэ да ынырык ыраах.
Н. ЛугиновЧэ, утуйуохха, сарсын үлэ, түбүк ынырык элбэх. Н. Габышев Оо, дьэ онно бааллар – Сибиир наукатын тулааһын баҕаналара дьоннор! Холобурга Дорофей Давидовиһы да ыллахха. Ынырык үчүгэй! Е. Неймохов
5 #
эб. Хайааһыны күүһүрдэн-күүркэтэн этиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает эмоциональное усиление признака действия
Кыаҕым суоҕа ынырык, Ол эрээри мин саныыбын, Мин саатыы саныыбын: Бэйэм биир кыахпыттан, Биир үрдүк аналбыттан, Мин кыайыах тустаахпын Дууһа туймаарар кураанын – Дуулаҕа санаа сарбыллыытын. С. Данилов "Онно эн аҕаҥ төрөөбүтэ. Өлүүтэ даҕаны ынырык, быстах суолга түбэһэн өлөөхтөөбүтэ," – дии-дии үөһэ тыынар, хараҕын уутун соттор. Н. Якутскай [Ыт] муҥнаах, аата, түбэстэҕэ ынырыга Н. Заболоцкай