ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыраастык

Нууччалыы чисто, опрятно

Ис хоһооно · 7

1 #

сыһ

  • "Тукаам, хотонуҥ муостатын күлбүһэҕинэн да сууйбутуҥ иһин, миигиттэн ордук ыраастык күрдьүөҥ суоҕа", – дии-дии, иэрийэ күлэрэ.
    М. Доҕордуурап
  • Балыарыйыттан күрдьэҕин ылан ас астыыр тэҥэ ыраастык туттан сыбаан барда
    Э. Соколов

2 #

Чэбэрдик, чэнчистик, кирэ-хоҕо, бөҕө-сыыһа суох гына

Нууччалыы Чисто, опрятно. [Дьэкиим:] Ол үрдүгэр ыраастык аһаан-таҥнан олоробут, онтон ордук туох наада

3 #

Биир тэҥ кылгас буоларын курдук сири кырсынан (оту оҕус)

Нууччалыы Чисто, ровно, под корень (косить траву)

  • Хотуурдар күөх окко умсаллар, Хоруйан ыраастык ылаллар.
    Д. Апросимов
  • Киһим оҥостон туран миигин сэмэлиир, ыраастык охсубаккын, оту хабарҕатынан быһаҕын диэн.
    Э. Соколов
  • Өйдүүбүн: аатырбыт охсооччу, Ыраастык ылларгын тэлиигин
    Чэчир-68

4 #

Ону-маны араарар гына, чуолкайдык, дьэҥкэтик (көр)

Нууччалыы Чётко, ясно (видеть, различать)

  • Ханна да ат сүүрэн эрэрэ көстүбэт. Сээкэйи син ыраастык көрөргө дылы гынар.
    Амма Аччыгыйа
  • Хараҥаҕа үөрэммит харах, эмискэ сырдыгы көрдөҕүнэ, маҥнай утаа сырдык тулатынааҕыны ыраастык көрбөт
    Т. Сметанин

5 #

Чуолкайдык өйдөнөр гына, сөпкө, дьэҥкэтик (хол., саҥар)

Нууччалыы Безупречно, чисто, правильно (напр., говорить)

  • Аайа соһуччу сахалыы ыраастык: "Никушенька, мин эйигин таптыырым", – диэтэ.
    Е. Неймохов
  • Ефим Хатастан төрүттээх, үөрэхтээх саха уола этэ, нууччалыы ыраастык саҥарара. ПНИ АДХ. Үөрэхтээхтэр ыраастык саҥарыыны, ыпсаҕайдык, дьэҥкэтик суруйууну үрдүк култуура бэлиэтэ дииллэр
    ЭК

6 #

Туох да мөккүөрэ, мунааҕа суохтук, чиэһинэйдик

Нууччалыы Убедительно, неоспоримо, чисто неопровержимо (напр., победить)

  • Кылбанов кыдамаҕа ыраастык кыайан таҕыста.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Болгарин Азизовы саннын лаппаакыларынан көбүөргэ ыраастык уурда.
    ХС
  • Утарылаһааччыларбын ыраастык кыайталаатым
    Кыым

7 #

Истиҥник, ис сүрэхтэн, дьиҥ-чахчы ылларан

Нууччалыы Искренне, бескорыстно. [Мэндэ:] Эн дууһаҥ кирдээҕэ эбитэ буоллар, Мин эйигин маннык ыраастык таптыам суох этэ

«Ы» буукуба