Перевод с якутского
ыраат
туохтуур
Нууччалыы уходить, отдаляться, уезжать далеко
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Ханна эмэ ыраах бар; тэй, дьалты буол
Нууччалыы Уходить, отдаляться, уезжать далеко
Ыраатыахпытыгар диэри кинилэр далбаатыы хааллылар. Амма Аччыгыйа Күһүҥҥү ынахтар ырааппыт да буоллахтарына көҥүллэрэ. В. Титов Булка үлүһүйэн кый бырах ыраатар кутталлаах А. Кондратьев
Өссө холобурдар (6)
Ыраахха диэри иһилин, тиий (дорҕоон, тыас-уус туһунан). Θ Постепенно удаляясь, затихать, уноситься вдаль (о звуках, шуме). Ырыа тыалар-хайалар үрдүлэринэн ыраата эҥсиллэн көтө турда. Амма Аччыгыйа Күөх оту суугунатта, Көҥүс уутун долгутта. Төттөрү сүүрдэ, ааста, Тыаһа улам ыраатта. Баал Хабырыыс Ити курдук ытыыр- ыллыыр икки ардынан ымманыйан ырыа ырааттар ыраатан сүттэ П. Филиппов Тохтообокко устан бардар баран, ааһан ис, (күн-дьыл, бириэмэ туһунан). Θ Проходить, протекать беспрерывно (о времени). Настя утуйуон, сынньаныан олус баҕарбыт, түүн даҕаны ырааттаҕа. Н. Якутскай Уһуктубутум күн тахсыбыта ырааппыт быһыылаах, өр да утуйбуппун. Т. Сметанин Уола Мэхээс урут сөпкө кэлэр этэ, күн киэһэрэн ыраатта Ф. Захаров
2 туохтуур #
Саҕаланан баран күүһүрэн, дириҥээн ис (тугу эмэ этэргэ)
Нууччалыы Обретать темп, размах, быть в самом разгаре
Ырыа-тойук ырааппыт. Чыып-чаап дэһии үксээбит.
П. ОйуунускайУлаханнык сылайбыт эрэйдээхтэр, сотору буолаат, муннуларын тыаһа ыраатта. И. Гоголев Биһиги да оҕонньотторбут бэйэлэрин өлүүлэрин син сыылларар соҕус дьон этилэр, онон эмиэ күө-дьаа буолан, кэпсэтиилэрэ ыраатта. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Кини тиийиитигэр дьоно үлэлээн туманнатан ырааппыттар М. Доҕордуурап Быданнаа, өр буол (туох эмэ буолбута). Θ Миновать, отойти в прошлое (напр., о каком-л. событии, имевшем место в прошлом). Улахан уола кэргэннэммитэ ырааппыт, кырдьаҕас ыал. Софр. Данилов. Кэпсээ куорат сонунун. көрсүбэтэх да ыраатта С. Ефремов
3 туохтуур #
Туох эмэ нааданы толуйар ахсааннаах, кээмэйдээх буол, өр кэмҥэ тиий (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Быть достаточным в нужном количестве, иметься в необходимой мере, хватать на долгое время (обычно употр. в отриц. ф.)
Уматыктара бүтэрэ кэллэ, аҕыйах буочука сэлээркэ хаалла, ол диэхтээн, ырааппата чуолкай. А. Кривошапкин (тылб.)
4 туохтуур #
Урукку таһымҥын, көрдөрүүгүн эбэтэр кими эмэ туохха эмэ аһара түс, куоһара бар
Нууччалыы Превзойти кого-л. в чём-л. или превзойти ранее достигнутый результат
Эн да миигиттэн ырааппатыҥ ини, мин куорат аҥаарын тутустум.
Н. ЛугиновБэйэтин кыаҕар эрэнэн ээл-дээл эрчиллэр, сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии сиэксийэҕэ кэлээччилэр ыраатар кыахтара суох. НЕ
5 этии #
Этиилэр
Кэннэ ыраатан, иннэ чугаһаан
иннэ чугаһаан (кылгаан), кэннэ ыраатан (уһаан) диэн курдук (көр илин I).
Ол, бу мин, Кэнним ыраатан, Инним чугаһаан Сыттаҕым ээ.
Өксөкүлээх Өлөксөй"Уҥуоҕум дойдубар хааллар сөп буолуо этэ, кырыйдым, кэнним ыраатта, инним чугаһаата", – диэн таҕыста аҕам. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Уочаркаҕа бэл, бу кэннэ ырааппыт, иннэ чугаһаабыт, бүдүк буолбут оҕонньор киһилии кэрэ өттүнэн биһиэхэ эргиллэр. Эрчимэн. Ср. ДТС йыра, алт. ыраа ʽудаляться, отходитьʼ