ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тып курдук

даҕааһын, сыһыат · этии

Нууччалыы ладный, стройный (о человеке, животном); опрятно одетый

1 даҕааһын #

Уурбут-туппут курдук быһыылаах (тыынар тыыннааҕы этэргэ); тупсаҕайдык таҥныбыт (киһи туһунан этэргэ)

Нууччалыы Ладный, стройный (о человеке, животном); опрятно одетый (о ком-л.)

  • Ира – дьылыгыраабыт көнө уҥуохтаах, ып-ыраас хааннаах, тып курдук номоҕон кыыс.
    П. Аввакумов
  • [Туртас] Тупсаҕай уҥуохтаах Тып курдук быһыылаах, Үргэмтэх көрүҥнээх, Сиргэмтэх харахтаах
    ХС

2 даҕааһын #

Түргэнник хаамар, сүүрэр, атаҕынан кыанар

Нууччалыы Быстрый на ногу, ходкий, скорый

  • Туох олус үчүгэйэ киниэхэ [соноҕоско] хааланнаҕай да, син тып курдук буолсукка холуйа сылдьабын.
    Амма Аччыгыйа
  • Эдэр эрдэхпинэ, атахпынан тып курдук этим
    Ф. Постников
  • Билигин бөһүөлэккэ саҥа охсуу дьиэлээх, тып курдук олорор оҕонньор.
    Л. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Хата, сарсын кырдьык даҕаны ол пиэрмэ кыһыл муннугун киирэн оҥорон биэр, тып курдук гына.
    В. Гаврильева
  • Матрёна Дементьевна бэйэтигэр тып курдук олорор көстүүмүн иһигэр кэппит араҕас булууһатын уолугун көннөрүннэ
    Чолбон

3 сыһыат #

суолт. Ыраастык, чэбэрдик; тупсаҕайдык, ис киирбэхтик (олор, тэрин о. д. а.)

Нууччалыы Чисто, опрятно (жить); изящно, красиво (смастерить что-л. и т. д.)

«Т» буукуба